ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

күтүөт

аат тыл

Нууччалыы зять.

English son-in-law

1 аат тыл #

Киһи кыыһын эбэтэр балтын кэргэнэ

Нууччалыы Зять. Күтүөт кыыһы сиэтэн таһаарбыт, атыгар мииннэрбит, илдьэ барбыт. Саха фольк. Платон куоракка үөрэнэр бастакы дьылларыгар эдьиийин, күтүөтүн аахха Егасовтаахха, олорор. Суорун Омоллоон. Күтүөт кынныһаҕын кэпсээнин бэркэ болҕойон олорон истибитэ. А. Бэрияк

2 аат тыл #

Кэргэн ылар киһи; кэргэн ылаары сылдьар киһи

Нууччалыы Жених. Арҕаа улуус кулубатын оҕото, күтүөт быһыылаах. Биирдэрэ аҕам киһи. Быһыыта дуруускаһыта. Суорун Омоллоон. Дэлиһиэй үөрэн-көтөн күллэрэстээн иһэн, күтүөтүн кулгааҕар тиийэн хаһыытаан кэпсэтэн, дьиэ иһэ күргүөм бөҕө буолан эрэр. Эрилик Эристиин. Тэҥн. күтүө, күтүөмэ

«К» буукуба