ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сутурук

аат тыл

Нууччалыы кисть руки со сжатыми пальцами, кулак

English fist

1 аат тыл #

Киһи илиитин тарбахтарын кумутан баран ытыһыгар ыга туппута

Нууччалыы Кисть руки со сжатыми пальцами, кулак

  • Митя уол сарылаабытынан ыстанан киирдэ, сутуругун дуомун боччоччу туттубут.
    Амма Аччыгыйа
  • Аллара далаһаҕа били эбирдээх сирэйдээх уолчаан, сутуругун күөрэҥнэтэ-күөрэҥнэтэ, боруллуону кыйдаан хаһыытыы турар эбит.
    Н. Лугинов
  • Көлөпүнэ [киһи аата] бууттаах сутуругун мин үрдүбэр күөрэтэн эрэр эбит
    Н. Заболоцкай

2 этии #

Нууччалыы Способный решать всё только при помощи силы, драчливый

Этиилэр

Илиитин (сутуругун) көтөхпүт көр көтөх I

  • Сыллай дьуһуурунайдыыр күнүгэр оскуола иһэ киһи өлөн сытар дьиэтин курдук, кэри-куру буолар, кини сутуругун көтөхпүт киһитэ бэйэтин сордоох киһинэн ааҕынар.
    Амма Аччыгыйа

Кыһыл сутуругунан

кыһыл илиитинэн диэн курдук (көр кыһыл 1).

  • Эһэ иннигэр кыһыл сутурукпунан хаалбыттыы сананным.
    Далан

Сутуругар сокуоннаах (сууттаах)

күүһүнэн эрэ быһаарсар идэлээх, охсуһуук Маппыр, этэргэ дылы, сутуругар сокуоннаах, тойон оҕото тойон курдук, улаатан испитэ.

  • Субуруускай бырааппыт Сутуругар сокуоннаах.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сутуругар сууттаах Иванов сэтээтэл кыыллыы сидьиҥ сирэйин даҕаны саралыы тардыбыттара.
    ХС

Сутуругунан оонньооһун

улахан төрүөтэ, сылтаҕа суох охсуһуу.

Драка без существенного повода.

  • Кыыс чиэһин тэпсибит -- ол урдуһу, сидьиҥ быһыытын иһин, баран сирэйин эттиэххэ баара... Бэйэ, эмиэ тоҕо итинник санаата, сутуругунан оонньооһунтан кэһэйбэтэх киһиэхэ дылы.
    В. Васильев
  • Сутуругунан сотуһар кэпс. – охсуһарын сөбүлүүр, охсуһар. Давать волю кулакам. Сотору-сотору сутуругунан сотуһар. НАГ ЯРФС II.

Сутурук бэргэһэтэ

мэлдьи кырбанар, охсуллар киһи.

соотв. мальчик для битья.

  • Ол тип-тилигирэс, киһини быһа көтө сылдьар уолаттар обургулар ортолоругар түбэстэхпинэ -- аспын былдьаан аһыахтара, таҥаспын талаан таҥныахтара, бэйэбин сутурук бэргэһэтэ оҥостуохтара.
    В. Титов

Сутуруккун сытыылаа

кимиэхэ эмэ кыыһыр, саан.

соотв. иметь зуб на кого-л., точить зуб на кого-л.

  • Хайа, бу тоҕо Костяҕа сутуруккутун сытыылаатыгыт? Кини тугу оҥордо? Кэпсээннэр.

Сутуруккунан киир

кими эмэ кырбаа, охсус.

Бить кого-л., драться, набрасываться на кого-л. с кулаками.

  • "Эт бас" диэн күүстээх киһи: баайдарга атыыланан дьадаҥыларга сутуругунан киирэр.
    ХС

Сутурук ыл

кырбан, охсулун.

соотв. получить по шее.

  • "Мин эйигин, дьиҥэр, үөхпэтэҕим ээ", – Агдам, охсуһуу таҕыстаҕына Зубртан сутурук ылыахпыт диэн, намыраата.
    Р. Баҕатаайыскай

Сутуруккунан көрүс

кими эмэ өһүөннээхтик көрүс, туохтан эмэ көҥөн.

Встречать кого-л. недружелюбно, не подпускать куда-л. (букв. встречать с кулаками).

  • "Мин Дулҕалаахпын ылабын – диэбитэ Дьөгүөрдээн. – Онно сарбаҥнаабыты сутурукпунан көрсөн иһиэм".
    Амма Аччыгыйа

Сутуруккунан (илиигинэн) сууттаа

тылынан быһаарсыбакка оҕус, кырбаа.

Кидаться с кулаками на кого-л., бить кого-л. (букв. судить кулаками).

  • Итиччэ киһини сутуругунан сууттуур табыллыбат. Н. Якутскай

3 этии #

Нууччалыы Величиной с кулак, махонький

Этиилэр

Сутурук саҕа

олус кыра, быыкаа Ол, биһиги тиҥэһэ кунаммыт диэн, сутурук саҕа баҕайы.

  • Амма Аччыгыйа.

Сутуруккун тутун

илиигин сутуруктуу тут.

Сжать пальцы в кулак.

  • [Уот Уһутаакы] суоҕун эрэ аанньа Сутуруккун туттаҥҥын Суоһурҕана турар инигин.
    П. Ойуунускай
  • Мин диэки чэлкэҕэлээҕинэн көрөн кэбистэ, охсуох курдук сутуругун тутунна.
    Н. Заболоцкай

Сутурук уйарынан

күүс тиийэринэн, кыах баарынан.

Изо всех сил, во всю прыть.

Үөрүү буолла да

хабарҕа муҥунан үөрүү, кыыһырсыы буолла да – сутурук уйарынан киирсии.

  • ДТС йыдрух, йудрух, каракалп. жудырык, кирг. жудурух, алт. дьудрук, тат. йодрык

«С» буукуба