Перевод с якутского
көтөх
даҕааһын, аат тыл, туохтуур
Нууччалыы тощий
English skinny, scrawny, gaunt
Ис хоһооно · 15
1 даҕааһын #
Нууччалыы тощий
English skinny, scrawny, gaunt
көтөх сүөһү тощий скотskinny cattle көтөх киһи худой человекa skinny person
2 аат тыл #
Нууччалыы охапка
English armful
көтөх мас охапка дровan armful of firewood көтөх оҕото младенец на рукахan infant
3 туохтуур #
Нууччалыы лифт
English (literal or figurative) to lift
сүргэҕин көтөх поднять духto lift spirit
4 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кууһан, эбэтэр илиигэ ылан өрө тарт
Нууччалыы Поднять кого-что-л. (взяв или обхватив руками)
Сир-дойду түөрт гыммыт биирдэрин ыарахана ыарахан аҕыс кырыылаах дьэҥкир тааһы өттүгүм баһыгар диэри көтөхпүтүм. Ньургун Боотур. Хара Бытык чабычаҕы тобус-толору сүөгэйи көтөҕөн мадьатан аҕалла. Н. Неустроев Тиити ортотунан ылан көтөҕөн көрдө, нэһиилэ өндөттө Болот Боотур Оҕону илиигэр ыл, кууһан илиигэр ылан бүөбэйдээ. Θ Брать на руки и нянчить (ребенка). Уйбаан дьиэтигэр быйыл кыһын Дьонун кытары таах кыстыыр. Оҕо көтөҕөр, муус анньыһар, Ардыгар бурдук да тардыһар. Дьуон Дьаҥылы. Вася, балтыгын саатат! Ыл тирээпкэтэ, муостаны сот. Оҕо ытаата, көтөх! Н. Габышев
Өссө холобурдар (2)
Кими эмэ ураты бүөбэйдээн көр-иһит, сырытыннар, аҕал-илт. Θ Носить чуть ли не на руках кого-л. (напр., приводить, уводить, проявляя особую заботу). [Дьаакып кинээс:] Өлөксөй, бүгүнү ааспакка, ити куолуһут тойон отун кириэстэт уонна улахан кинээһи көтөҕөн илдьэн бу хабала суумата хабарынан сүөһүтүн уоппустатыахха. А. Софронов Бардам Байбал Кыбыык Сааба өлөн эрэр диэни истэн баран кулубаны көтөҕөн аҕалан үс тыһыынча иэстээхпин диэн үчүгэй бөдөҥ сүөһүтүн бары уоппустатан, - сэттэ күнүстээх түүн Кыбыык Сааба дьиэтигэр үрдүттэн чохчоҥноото Н. Түгүнүүрэп
5 туохтуур #
Ким, туох эрэ диэки хайыһыннар, өрө өндөт (хол., төбөҕүн, сирэйгин)
Нууччалыы Поднимать, приподнимать, направлять (напр., голову, лицо)
Киһитэ тиэтэйбэккэ баһын өрө көтөҕөн -- суруктары ылан ааҕар майгынан көрүтэлээтэ. А. Софронов Шевцов аргыый төбөтүн көтөҕөн, миигин утары көрбүтэ. Н. Якутскай Лука Кирикович Абыраамап сирэйин Харытыан кырдьаҕас диэки өрө көтөҕөн олорон, харахтарын кырыытынан Бииктэри уорбалаабыттыы кыҥаталыыр Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
Үөһэ тарт, өрө өндөт, үөһэ уун (атаххын, илиигин о. д. а.). Θ Поднимать, приподнимать (напр., ногу, руку и др.). Өлөҥ быыһыттан дьиэрэҥ обургу Өрө биэтэҥнээн, дөгдөҥөлөөн таҕыста, - Аҥаар атаҕын өрө көтөхтө.
П. ОйуунускайКини [саха буойуна] бухатыыр өбүгэлэрин курдук, Өргөн болотун өрө көтөхпүтэ. Эллэй. [Эн, Кыһыл Аармыйа, кыайаҥҥын-хотоҥҥун] Кыымынан кытыастар былааххын ылаҥҥын Кылбаарар халлааҥҥа күөрэччи көтөхтүҥ. Күннүк Уурастыырап Дьон бары, атахтарын өрө көтөҕөн, ороҥҥо тахсан биэрбиттэр Н. Павлов
6 туохтуур #
Ким, туох эмэ туһугар тыл этэн арыгылаах иһити өрө уунан, охсуһуннаран ис
Нууччалыы Поднимать тост в честь кого-чего-л
Үрүүмкэ көтөх. Тост көтөх. [Сайсары:] Көмүстэриэм, бачча көрсүспүччэ, үөрүүгэ бастаан көтөҕүөҕүҥ.
Суорун ОмоллоонЭдэр ыалларбыт дьоллоругар, Чэ көтөҕөн кэбиһиэҕиҥ. И. Эртюков
Өссө холобурдар (1)
Чэйиҥ, эрэ, доҕотторуом, Үөрүүлээх күммүт көҕүн, Барыбыт сүһүөххэ туран Аан бастаан көтөҕүөҕүҥ! И. Чаҕылҕан
7 туохтуур #
Өрө тарт, ылан кэбис
Нууччалыы Поднимать, убирать (напр., трап, якорь)
Кинилэр тиэтэлинэн, сонно тута дьаакырдарын көтөхпүттэрэ уонна куотан эрэрдии дойдуларын диэки устубуттара. Н. Якутскай Сэмэнчик киирэрин кытта тыраабы көтөҕөллөр Н. Якутскай Тугу эрэ уйан тур, тутан, иҥиннэрэн тур (хол., мутукча - хаары). Θ Удерживать что-л. на себе, находиться под тяжестью чего-л. (держа на весу). Көмнөх хаары көтөҕөн турар мутуктар хойуу Таарбах лабаалара харааран көстөр буоллулар. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
Иккистээн өйдөнөн кэлиитигэр көмнөхтөрүн көтөхпүт суон тииттэр кэннин диэки сырсан эрэллэрэ көһүннэ Эрилик Эристиин
8 туохтуур #
Мууһу алдьат, көөрөлөө (хол., сааскы өрүс туһунан); алдьат, илдьэ бар (хол., тутууну - өрүс туһунан)
Нууччалыы Поднимать, ломать лед (о реке); ломать, поднимать (напр., строения - о реке)
Күрүлүүр сүүрүгүҥ Күтүрдүүр күүстэрин, Көтөҕөр көмүөлгүн Көрөммүн үөрэбин. А. Софронов Быйыл мууһун көтөхпүтүн кэнниттэн кыбытыы уута балачча улахан сурахтааҕа Сэмээр Баһылай Тугу эмэ аллараа өттүттэн үрдэтэн биэр (хол., тутууну). Θ Приподнять что-л. (напр., путем возвышения основания насыпью). Аллараа өттүгэр мууста-хаарда тибэн, көтөҕөн биэр да сөп буолуо. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (2)
Муосталар бөҕөргөтүүтэ суох буоланнар, кыра да уу көтөҕөн илдьэ барара. КН Долгуннуран бар, тыалыран бар. Θ Начинать волноваться (об озере), поднимать волны. Саймаарыйар күнүм тахсан Аан дойдубун анаарар, Арылы тиэрбэс көлүччэм Көмүс долгунун көтөҕөр С. Данилов
9 туохтуур #
Үрдүк таһымҥа таһаар, ордук үчүгэй көрдөрүүнү ситис (хол., үлэни, производствоны)
Нууччалыы Поднять на более высокий уровень, повышать показатели (напр., производство, предприятие)
Бу эдэр кыыс [Валя] диспиэччэр буолан, ханнык да массыына таһаҕаһа суох кураанах айаннаабатын ситиһэр, онон автобаза үлэтин өрө көтөҕөргө улаханнык көмөлөһөр. Софр. Данилов. Табаарыс Айалов сылгы иитиитин биир эмэ дьыл өрө көтөҕө түспүт буолбатах
Л. ГабышевКөҕүлээ, угуй, ордук таһаарыылаах, көхтөөх гын. Θ Воодушевлять, увлекать, вдохновлять, окрылять кого-л. Саҥа тэриллибит сопхуоска үлэлээн, сүөһү көрүүтүгэр кыһанан дьону көтөҕөн, көҕүлээн испитэ баара. Н. Габышев Киһиэхэ эрэбил баара, Киһини өрө көтөҕөр: Оҥорботун оҥорторор, Өйдөөбөтөҕүн өйдөтөр. Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (3)
"Айымньы" холкуос айар үлэтэ дьон өйүгэр-санаатыгар тиийэн, кинилэри өрө көтөхтө М. Доҕордуурап Өрө таһаар, үрдэт, өйөбүл буол. Θ Поддерживать, возвышать, поднимать кого-л. Киһини үлэ көтөҕөр, албан ааттыыр (өс ном.). [Болтоһо:] Самнарбыттарын наар таҥнары баттыыллар, көтөхпүттэрин наар өрө таһаараллар А. Софронов Үрдэт, дэбдэт, киэргэт, киһиргэт. Θ Приукрашивать, представлять в лучшем свете, нахваливать. Оннук дьоннор икки ардыларыгар сымыйа тыл, бэйэни киэргэтинэн, көтөҕөн кэпсэнии эҥин суох буолар. Эрчимэн. Оскуолаҕа үөрэтиллэр предметтэр оҕо уопсай сайдыытын көтөҕөр аналлаахтар ФГГ СТМЛ
10 туохтуур #
Элбэх баайга, малга-салга тигис, өлгөмнүк эмискэ бай (үксүгэр чиэһинэйэ суохтук)
Нууччалыы Завладеть большим богатством, неожиданно разбогатеть (обычно нечестным путем)
Сааттаахха самсаһан, Көмүс харчыны көтөҕөн, Онтон олус улаатан, Байан барбыта. А. Софронов [Саппыкылаах:] Тугу эмэ сибикилээтэххинэ, лааппыларын көтөҕөн баран, бу диэки кэлиэҥ буоллаҕа дии. Айталын. [Тимир Тимэппий:] Тиит Арыы кэппэрэтиибэ элбэх да табаардаах кэппэрэтиип этэ, ол табаарын көтөхтөхтөрүнэ улахан алдьархайы оҥорор дьон [бандьыыттар]
Күндэ
11 туохтуур #
Өрө көтүтэн илдьэ барар курдук буол (дьол, үөрүү, санаа эҥин туһунан)
Нууччалыы Увлекать, уносить за собой куда-л. (напр., о счастье, мечте и др.)
Олох, эдэр саас үчүгэйэ, кэрэтэ, үөрүүтэ-көтүүтэ кинилэри ханна эрэ ыраах өрө көтөҕөн илдьэ бара турарга дылы буолар. А. Бэрияк Санаа чэпчэки кынатыгар олордон көтөҕөр. Көтүтэр. Төрөөбүт сиригэр тиэрдэр. Т. Сметанин [Муусука дорҕоонноро] бу наҕыл, бу чуумпу киэһэҕэ эйигин, ханна эрэ ыраах аргыый өрө көтөҕөн, бэйэлэрин кытта илдьэ туруох курдуктара, эн өйгөр, сүрэххэр сырдыгы, кэрэни куталлара Н. Заболоцкай
12 туохтуур #
Уопсай дьүүлгэ таһаар, туруор (хол., боппуруоһу)
Нууччалыы Поднимать, ставить на общий суд, выносить на обсуждение (напр., вопросы, проблемы)
Сорох экскурсиялар туох да улахан боппуруоһу көтөхпөккө тыаһа-ууһа суох уостан хааллылар. С. Васильев Мин бэйэм үлэбэр хомуньуустар уонна ыччаттар көтөҕөр инициативаларын бириэмэтигэр өйүүргэ итиэннэ ону киэҥ маасса билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарарга кыһанабын. "Ленин с. ". Ногин көтөхпүт проблемата киһи утарыа суоҕун курдук чуолкай этэ. Ю. Чернов (тылб.)
13 этии #
Нууччалыы В эпосе олонхо - часть постоянного эпитета богоподобной Айыы Нуоралджин, помогающей роженицам и приносящей им и новорожденным счастье, благополучие
Этиилэр
Борбуйун көтөхтө көр борбуй
Саҥа борбуйун көтөҕөн эрэр уолчаан Туос ураһаттан ыстанан тахсан Чаачар саанан ытыалыы оонньуур. И. Гоголев. Оҕо борбуйун көтөҕөр, Уҥуоҕа кытаатар, Тилэх баттаспат ону Чиҥии илик өйө-санаата. С. Тарасов. "Эр киһи буоллаҕым буолан, борбуйун көтөҕөн эрэр", - диэтэ ийэм чэйдии олорон. "ХС". Былааҕы (знамяны) көтөх - кими, тугу эрэ утары өрө күүрэн охсус, охсуһууну саҕалаа.
Поднимать знамя борьбы, решительно бороться, подняться на борьбу с кем-чем-л.
[Некрасов] олоҕун тиһэх күннэригэр диэри поэт ити улуу революционнай демократтар -- охсуһууларын саҕалаабыта, кинилэр знамяларын күөрэччи көтөҕөн испитэ. Софр. Данилов. Кыайыы сырдыыр халлааныгар Кыыһар төлөн былааҕы көтөҕөллөр. Т. Сметанин Көҥүлбүт хааннаах знамятын Көтөхтүм мин Петр утары.
А. Пушкин
Өссө холобурдар (24)
Илбис көтөҕөр (тардар) эргэр. - былыр кыргыс боотурдара санааларын күүрдэргэ, харса суох буоларга, кими эмэ өлөрөн сэптэрин хаанныыллар, ойуун кыыран сэптэригэр илбиһи иҥэрэр. Обряд вселения духа кровожадности воинам и их оружию путем "окропления кровью" сопровождая камланием шамана. Кыргыс дьон иһигэр күүстээх, быһый, куйах кэтэр -- дьоннорун, боотурун күүһүн эбэн, санаатын күүрдэн, илбис көтөҕөр эбэтэр тардар диэн баар эбит. БСИ ЛНКИСО. Илиитин (сутуругун) көтөхпүт - кимиэхэ эрэ күүһүнэн өттөйбүт, кими эрэ охсубут (үксүгэр чугас, билэр киһитин). Поднять руку на кого-л., ударить (обычно хорошо знакомого, близкого человека). [Мэхээс оҕонньор:] Бэйэм сүрэхпэр, бэйэм хааммар, соҕотох оҕобор илиибин көтөҕүөм кэриэтэ, икки илиибин сүгэнэн быһа охсунуом.
П. ОйуунускайПодноскин көхсүн этиппэхтиирэ улаатта. Ушкин охсуох курдук, сутуругун көтөҕөн баран, тохтоото. Амма Аччыгыйа Миигин охсуохтуу өрөһөлөнөр. Үйэтигэр киһиэхэ илиитин көтөхпөтөх, мас көнө эрэйдээх, охсубатын билэбин. Э. Соколов уҥуоҕун көтөх көр алтан. [Кээчэ:] Уол оҕонньору кытта сылдьыа, кыыс миигин кытта сылдьыа. Өллөхпүтүнэ -- алтан уҥуохпутун араҥастыахтара, көмүс уҥуохпутун көтөҕүөхтэрэ.
П. ОйуунускайАны көр бу алтан уҥуохпун араҥастыыр, көмүс уҥуохпун көтөҕөр оҕолоннум.
Суорун ОмоллоонКим уҥуохпун көтөҕүөҕэй? Хоолдьуганы тэрийиэҕэй? Күтүөт оҕо баара буоллар Көмүөх этэ күндү буорга. И. Гоголев Куолаһын көтөҕөр - мөккүөргэ киирэр, аахсар, утары этэр. Подавать свой голос против кого-чего-л., вступить в дискуссию, спор с кем-л. Ити бөлөхтөртөн барыларыттан, кинээс Андрей аармыйаҕа кэлиитигэр, аны тохсус бөлөх түмүллэн тахсан, куолаһын көтөҕөн эрэр этэ.
Л. ТолстойКутурук көтөҕөр - түргэнник кудулуччу айанныыр (ат туһунан). Идти очень быстро, энергично (о лошади; букв. хвост поднимает). Алта хара таҥастаах Огдуобалыыр дьахталлар, Кугас улаан аттары Кудулуччу хаамтаран, Кутурук көтөҕөн иһэллэр. С. Зверев Кэрэх көтөх эргэр. - кэрэҕи туруор, кэрэх сиэрин-туомун толор. Ставить кэрэх, сопровождая всеми подобающими шаманскими обрядами. Харатаайап кулубалаах кыыстара илэ сылдьар абааһы буолбута. Үс аарыма ойуун, кэрэх көтөҕөн үтэйэннэр, билигин биллибэт. Н. Якутскай Паары көтөх - паарга хаалларыллыбыт сири хоруй. Вспахать пары (оставленное на одно лето поле). Күнү-дьылы баттаһа, Күһүҥҥү паары көтөҕөн Күдэннэтэн эрдэҕэ [тыраахтар]. Н. Рыкунов Санаатын көтөх - санаатын бөҕөргөт, ордук эрэмньилээх, хотоойу гын (ким-эмэ санаата түспүтүн, мунчаарбытын суох гын). Поддержать кого-л., поднимать дух, настроение кому-л. Сэмэн туһунан дьоннор истиҥник ахтыһан барбыттара. Ол ыар сүтүктээх аҕа сүрэҕин чэпчэппитэ, санаатын көтөхпүтэ. Д. Таас Улахан кыһалҕалаах кэмҥэ оннук доҕордоһуу, бэйэ-бэйэни өйөһүү киһиэхэ күүһү-уоҕу биэрэр, санааны көтөҕөр, аралдьытар. С. Никифоров Андрей Стоянович [өлөрүллэр дьон хаайыыларыгар олорон] санаатын биир да мүнүүтэҕэ түһэрэн көрбөтөҕө, көрүдьүөс кэпсээнинэн, ырыатынан-тойугунан, булугас өйүнэн табаарыстарын санааларын көтөҕөрө. П. Филиппов Илиилэригэр саа-саадах ыланнар, кинилэр [дьахталлар] эр дьоннору санааларын көтөхпүттэрэ: дьахталлар эмиэ кулут буолардааҕар кинилэри кытта бииргэ өлөллөрүн ордороллорун көрөннөр, эр дьон хорсуннук кыргыспыттара. КФП БАаДИ. Соргу көтөҕөр - 1) айанныан иннинэ өрүтэ тэбиэлээн кыратык мөҥөн ылар (ат туһунан). Показывать норов перед дальней дорогой (о лошади с седоком; букв. поднимает (предрекает) удачу); 2) эргэр. - былыргы боотурдар өрүтэ ыстанан тииккэ батыйа суолун хааллараллара. Подпрыгивая высоко вверх, оставлять пальмой отметину на дереве (обычай древних воинов перед отправленем на войну - знак удачи). Сэриигэ баралларыгар хололоһон, соргу көтөҕөн диэн өрө ыстанан бараннар батыйаларынан тиити охсоллоро үһү. Саха сэһ. I. Сүргэни көтөҕөр - эрчими биэрэр, көҕүлүүр, санааны күүһүрдэр, үөрдэр-көтүтэр. Воодушевлять, вдохновлять, окрылять, поднимать дух, настроение. Сүргэни көтөҕөр, сүрэҕи үөрдэр саймаархай салгыннаах сандал саас маҥнайгы үтүөкэн -- күннэрин ким истиҥник эҕэрдэлии, ис сүрэҕиттэн иэйэн көрсүбэтэҕэй! С. Никифоров Сыл, хаар ылан, ырыам ханнан Санаам оонньуур күнүгэр, Биир кыыс ыраас ахтылҕана Мин сүргэбин көтөҕөр. С. Данилов Дириҥ иэйиилээх индийскэй муусука этим-хааным устун дьырылаан киирэн сүргэбин көтөҕөрө, сүһүөхпүн чэпчэтэрэ.
Г. КолесовТаһаҕаһы көтөх эргэр. - бэдэрээттэһэн таһаҕаһы тиэй, таһаҕаһы тас. Перевозить груз способом подряда. Кини [Киирик Ильич] чугас эргин ыалларыттан аттары эттэһэн кыһын аайы сороҕор Аллаҥҥа, сороҕор Өлүөхүмэҕэ таһаҕас көтөҕөрүн өйдүүбүн. ЭК Тыл көтөх - 1) ханнык эмэ этиини киллэр, дьоһуннаах боппуруоһу туруор. Вносить какое-л. предложение, ставить, поднимать какой-л. значительный вопрос. Сорох геологтар Өлүөнэ уонна Енисей икки ардын үөрэтэн көрөргө тыл көтөхпүттэрэ сэрии туран таах хаалбыта. ХС Бонапарт католическай религия баһылыгын сирэйэ-хараҕа суох суулларыан баҕарара, онуоха ким да тыл көтөхпөт. Л. Толстой (тылб.); 2) кэргэн кэпсэтэн кыыһы (дьахтары) ыйыт. Делать предложение (девушке, женщине). Ростовтар Петербурга тиийэллэрин кытта сотору буолаат, Берг Вераҕа тыл көтөҕөр, ону Ростовтар ылыналлар.
Л. Толстой"Маама, оттон эйиэхэ аҕам хайдах тыл көтөхпүтэй?" - диэн Кити эмискэччи ыйытта.
Л. ТолстойЧиэс көтөх - үтүө баҕа санааҕын эт, алҕаа. Выражать добрые пожелания, благословлять. Дьоллоохтук, өлүөр-сөлүөр, эйэни холбоон олороргут туһугар былыргылыы чиэс көтөҕөбүн. Саллааттар с. 2. аат. суолт. Биирдэ кууһан ыларга сөптөөх туох эмэ; илиигэ ылан кууһан олоруу, кууһа сылдьыы. Охапка чего-л.; ношение на руках, сидение, обхватив руками кого-что-л. Көтөх мас. Биир көтөх от. Көстөкүүн уолчаан Доропуун оҕонньор иннигэр көтөх муҥунан хаһыаты уонна сурунаалы аҕалан, чохчолуу кутан кэбистэ. Н. Заболоцкай Кини күн аайы биирдии көтөх тэтэрээти киллэрэн, киэһэни быһа, өссө түүн эмиэ бэрэбиэркэлиир. Ф. Софронов Оҕону көтөххө илдьэ сылдьарга, хачайдааһыҥҥа, суосканы эмнэриигэ уо. д. а. үөрэтиллиэ суохтаах. ИБГ ДьОЫа
14 даҕааһын #
Ииммит-хаппыт, хатыҥыр
Нууччалыы Худощавый, сухощавый (о человеке)
Бааска көрдөххө эрэ көтөх буолан биэрбитэ. Кини туруйа курдук иҥиир-ситии эбит. Бу ырбатын, сылайбатын! Далан Чараас уостарын ньимиччи туттан, кэтирии мыччырыттыбыт көтөх сирэйэ сырдыы мичээрдээбитэ. Амма Аччыгыйа Көтөх киһи диэтэххэ хаамыыта-сиимиитэ олус түргэн ХС
Өссө холобурдар (5)
Сыата суох, ырыган. Θ Постный, нежирный; отощалый, тощий, худой (о животном). Көтөх эт. Сааскы көтөх сүөһү. Куонаан, хааһы көтөҕүттэн мыына көрөн, балачча турбахтаата, онтон Витяҕа хат эргилиннэ. Н. Заболоцкай Сааскы биир көтөх биэ, иҥэрсийэ-иҥэрсийэ, оҕотун эккирэтэн айаннаан бөдьөйбүтүгэр, ойоҕосторун уҥуохтара эбии атыгыраан көһүннүлэр. И. Никифоров Былыргы сахалар сылгылара төһө көтөҕүн эбэтэр эмиһин уон икки бэлиэнэн быһаараллара. АНП СЭ Э. Ср тюрк. гөдэк, көдек 'подросток; молокосос, низкорослый'
15 этии #
Көтөх ынах - бэгэччэктэринэн, бэрбээкэйдэринэн холбуу баайыллыбыт сытар оҕолор тоҥонохторун, тобуктарын көмөтүнэн ат буола тураллар, урут турбут кыайар (саха оҕолорун оонньуулара) Көтөх ынах буоланнар - Тараһа бөҕө быһынна, Көрү-нары тарданнар Таҕыл бөҕө тарҕанна. Күннүк Уурастыырап
Нууччалыы Дети, связанные друг с другом за руки и за ноги, лежа соревнуются в том, кто первым встанет на четвереньки (национальная детская игра)