Перевод с якутского
тутум
аат тыл
Нууччалыы якутская мера длины: расстояние, равное высоте кулака
English to the length of one’s fist, hand
1 аат тыл #
Сахаҕа ста кээмэйэ: киһи сутуруктуу туппут ытыһын кэтитэ
Нууччалыы Якутская мера длины: расстояние, равное высоте кулака
Биир тутум. Толооҥҥо тутум саҕа дохсун бөҕө баар үһү (тааб.: дулҕа). – Ылыҥ тэҥнэһиҥ, пахай, бүтүн биир тутумунан намыһаххын. Э. Соколов Маннык эмис тайаҕы мин сааспар көрө илигим, биир тутум тастаах этэ. И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (1)
Быа көттөҕүнэ бэйэтиттэн тутум үрдүгү таарыйбакка aahapa А. Данилов
2 аат тыл #
Киһи сутуругун кыаҕар батаран бобо тутара
Нууччалыы Маленькая связка чего-л. (напр., сена), умещающаяся в кулаке, пучок
Биир тутум луугу хомуйдум. Ийэлэрэ бу сайын эмиэ [ытырыык оту] үргээн тутум гына баайа-баайа, тыал ардах охсор сиригэр ыйаталаабыта. Доҕордоһуу т. Үүнээйи биир тутум сүүмэҕин ылан илиинэн эрийдэххэ сиигэ 70-75 бырыһыан буоллаҕына, уу бычыгыраан тахсар САБСБ
3 этии #
Тутум атах кэпс. – аһара кылгас атахтаах Бааллар манна: Күрэҥ баархат эһэлэр, Күндү түүлээх саһыллар, Тутум атах сиэгэннэр, Куобахчааннар да бааллар. А. Абаҕыыныскай. [Киппирийээн] былыргы тутум атахтаах араҕас сандалыга саха апын эгэлгэтин тартарбыт. Л. Попов.
Нууччалыы Имеющий очень короткие ноги, коротконогий (букв. нога (длиною) в кулак)
Этиилэр
Тутум үрдүк (ордук)
ырааҕынан ордук, үчүгэй.
Намного, гораздо лучше.
Киһиттэн үчүгэй уол, үгүстэртэн тутум үрдүк киһи.
Н. Лугинов[Солко:] Салайааччылар хайаан даҕаны биһигиттэн тутум ордук дьон буолуохтаахтар. С. Ефремов
Тутум үрдээтэ
улахан ситиһииттэн олус үөр; туругур.
Сильно радоваться по-поводу какого-л. успеха; торжествовать, ликовать.
Көрдөхтөрүнэ, киһилэрэ тутум үрдээбит, сирэйдиин-харахтыын сырдаабыт. Г. Угаров Ийэлээх аҕата хаһан да үөрбэтэх үөрүүлэрин үөрэн, кыыстарын толору дьолун көрөн, тутум үрдээтилэр. АДП К Б. Ср
Өссө холобурдар (1)
ДТС тутум ʽгорсть, пригоршня’, уйг. тутам ʽпучок, прядь, пук; количество чего-л. которое можно захватить горстью’, тат. тотам ʽпук, пучок, клок; мера длины, равная ширине ладони’