Перевод с якутского
уста
аат тыл
Нууччалыы длина
English length; length
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы длина
English length (spatial); length
сыһыы устата длина поляthe length of the field суол устата длина дорогиthe length of the road
2 аат тыл #
Нууччалыы длительность
English length (temporal), duration
сыл устата продолжительность годаthe length of the year
3 аат тыл #
Туох эмэ саҕаланар өттүттэн уһугар тиийэ уһунун кээмэйэ
Нууччалыы Мера в длину, длина
Кыһаны оҥорорго арсыын үрдүктээх, икки миэтэрэ усталаах, туоралаах холумтаны туой буорунан симэн оҥороллоро. МАП ЧУу. Устатын иистэнньэҥ бэйэтэ холуур, холобур, этэрбэс уллуҥун эргииригэр сап биир эрэ түмүгэ баар буолуохтаах. ХУ ХС. Былыргы сахалар күннээҕи үлэлэригэр "харыс", "сүөм", "муҥур сүөм", "тутум", "суор холото", "илии" курдук уста кээмэйдэрин киэҥник тутталлара. АЭ
4 аат тыл #
Туох эмэ устатынан кээмэйэ, тайааһына
Нууччалыы Протяжение, протяжённость чего-л., расстояние в длину
Саас кэлэн хара тыа көҕөрбүт, киэҥ толоон устатын тухары иэнэ биллибэт күөх солко таҥаһы тиирэ тардан кэбиспит курдук буолбут. Н. Неустроев Арыытын туораабакка, устатын батыһа баран иһэр курдук. Амма Аччыгыйа Өлөксөөс бу иһэн ойууру-тыаны, устата биллибэт уйгул хонууну, тыалары үрдүлэринэн арыллан барар үрдүк күөх халлааны одуулаһар А. Бэрияк
5 этии #
Этиилэр
Уллуҥах да устата көр уллуҥах
Баран иһэр суолбутуттан уллуҥах да устата туоруохпут суоҕа. Уллуҥах усталааҕынан (устатынан) уларый, хаптаһын быыстааҕынан халбарый көр уллуҥах. Ойуун: "Уллуҥах усталааҕынан уларый, хаптаһын быыстааҕынан халбарый", – диэн эҥсэлийдэ
6 этии #
Нууччалыы На всём протяжении, в течение какого-л. времени
Этиилэр
Усталаах туоратыгар
биллэр кэм былаһын тухары (саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри) Ол усталаах туоратыгар эһигиттэн биир истиҥ тылы истэ, биирдэ итии күөһү аһыы иликпин.
Кэлбиппит быйыл уон икки сыл буолла, ол усталаах туоратыгар биир да өстөөх киһибит суоҕа. Эрилик Эристиин Сэрии бүппүтэ отут сылын туолан эрэр, ол усталаах туоратыгар биһиги барыта үстэ эрэ көрсүстүбүт. С. Никифоров
Устаты муруннаах, утары сирэйдээх урааҥхай саха көр утары
Оройунан оонньообут, Ортотунан курдаммыт, Уһугунан дугуммут, Устаты муруннаах, Утары сирэйдээх Урааҥхай саха. П. Ойуунускай