ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суулаа

туохтуур

Нууччалыы обёртывать что-л. чем-л., заворачивать во что-л

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Тугу эмэ тас өттүттэн бүрүйэн баран көстүбэт гына сөрөө

Нууччалыы Обёртывать что-л. чем-л., заворачивать во что-л

  • Чааскылары, тэриэлкэлэри барытын холбуу биир ырбаахы тэллэҕэр суулаан бараллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Маайа лэппиэскэ тоһута тутан кумааҕыга суулуур.
    Н. Якутскай
  • Ньукуулаах бэҕэһээ эт сиэбиттэрэ, кини биир кыра куһуогу ийэбэр диэн, өрбөххө суулаан кистэлэҥ муннугар ууран кэбиспитэ
    В. Гаврильева

2 туохтуур #

Тугу эмэ хас да хос бүк тут

Нууччалыы Согнуть, сложить что-л. несколько раз

  • Киһитэ сиэбиттэн дьаптайа сууламмыт кумааҕыны ылан, оргууй аҕай бөппүрүөскэ сууланан, түү быыһынааҕы уоһугар кыбытта.
    А. Софронов
  • Арамаан кумаламмыт биэс сүүстээх харчыны ылан, ытыһынан имэрийэн тэнитэн баран, суулаан, кубараанньыгар угунна.
    Амма Аччыгыйа
  • Харайдаанап тэлэгирээмэни бэркэ сэрэнэн, түөрт муннуктуу суулаан, ырбаахытын сиэбигэр угунна. Софр
    Данилов

3 туохтуур #

Кими эмэ таҥаһынан эрийэн үллүй

Нууччалыы Укутывать, заворачивать кого-л. во что-л. тёплым

  • Ороһостуба өрөбүлүгэр Дьөгүөрдээн оҕустаах кэлэн Микиитэни суорҕаҥҥа суулаан дьиэтигэр тиэйэн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Маппыры бөрө тириитэ суорҕаҥҥа суулаан, муус маҥан ат сыарҕатыгар олордон, Сипсики илдьэ барарыгар -- Балааҕыйа кылана-кылана эккирэтэн көрбүтэ.
    Л. Попов
  • Биир сылаас ириэһин күн -- Тыгырыана сукуйугар суулаан, эһэ оҕотун таһырдьа илдьэ таҕыста
    Болот Боотур
Өссө холобурдар (3)
  • Кыһыл оҕону таҥаска сөрөө. Θ Пеленать младенца. Таҥаһынан барытынан Оҕолорун суулуу букунайар.
    С. Данилов
  • Оһох аттыгар ыйанан турар кураанах бөлүөҥкэнэн оҕону суулуур.
    Н. Якутскай
  • Ааныска оҕото төрөөтөҕүнэ хайдах эмтэриэҕин, суулуоҕун санаата
    Күрүлгэн

4 туохтуур #

Оһох эбэтэр кутаа кыһыл чоҕун чөмөхтөөн баран күлүнэн көм

Нууччалыы Засыпать золой собранные в кучу красные угли в печке или на костре. [Чурумчуку] аһаан бүтэн, уоһун соттон, Уотун суулуу турбута

  • Эллэй. Биһиги аһаан-сиэн бүппүппүт. Лааһар уотун суулаабыта, ордубут чэйинэн саба куппута.
    Далан
  • Кээтиис -- уотун суулаан баран, кыысчаанын көтөҕөн тахсан барда
    Айталын

5 туохтуур #

Күрэхтэһиигэ, оонньууга кими эмэ чэпчэкитик кыай-хот, улаханнык баһый

Нууччалыы Легко победить кого-л. в соревновании, в состязании

  • Маастар И. Никифоров -- кэлин түөрт туурга көрсүбүт дьоннорун барыларын "суулаата"
    Кыым
  • Тугу эмэ ситиһиилээхтик, кыайан-хотон түмүктээ. Θ Успешно завершить что-л. Бүтэрбит саҕана көрсүһүүлэрин түргэн үлүгэрдик "суулаан" кэбиспит прозаиктарбыт киирэн кэллилэр
    С. Руфов

6 этии #

Нууччалыы Роскошно, нарядно одевать (букв. укутать в шелка)

Этиилэр

Солкоҕо суулаа

наһаа маанытык таҥыннар Миэхэ кэргэн буол, көмүскэ көмүөм, солкоҕо суулуом.

  • Н. Якутскай.

Сутуруккун суулаа (суулуу тут)

кими эмэ охсоору, кырбаары илиигин сутуруктуу тут.

Сжать пальцы в кулак с намерением ударить, побить кого-л. [Хабырыыс] тарбахтара ыалдьыар диэри сутуругун ыга суулаата, ойууну охсуох курдук утары атыллаата. И. Гоголев. Черов сиэркилэтиттэн тэйбэтэ.

  • Көрүнэ-көрүнэ, арыт сутуругун суулуу тутан, соҕотох тарбаҕын эрэ чороччу тутан, салгыны кэйиэлээн ылар.
    С. Дадаскинов
  • Сутурукпун суулуу туппаппын, Ол иһин үгүс дьон доҕоробун, Ол иһин өстөөҕө суох ыччаппын. Агидель к.

Суулуу тутан

биир-биир ырытан көрбөккө, барытын бииргэ.

Всё скопом, без разбору.

  • [Балыыһаҕа] кэлин туох уларыйыы таҕыста? – Тута-бааччы суулуу тутан сыаналыырга ыарахан.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Киин оройуоннар сахалара Мастаах эҥин диэн араарбаттар, Бүлүүнү барытын суулуу тутан сымаһыттар дойдулара дииллэр этэ. Багдарыын Сүлбэ

7 этии #

Нууччалыы Склониться, прижаться, приникнуть к кому-л. (в знак нежности, любви)

Этиилэр

Суулуу [бүк] түс

нөрүччү туттан, кимиэхэ эмэ сыста түс (нарымсыйан, таптатаары) Кэлиҥ, сыллаан ылаттыым!

  • Үс кыыс кэлэн, үһүөн суулуу бүк түһэн биэрэллэр.
    Суорун Омоллоон
  • [Настаа (Көстөкүүҥҥэ суулуу түһэн олорон):] Доҕоор, сөбүлэһэр, таптаһар буолан баран хайдах арахсыахпытый?
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • ДТС чоҕла, тув. шуглаар, хак. сулга, кирг. чулҕа

«С» буукуба