ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суулан

Нууччалыы быть окутанным чем-л., обволакиваться чем-л

Ис хоһооно · 4
I

1 #

Тугунан эмэ бүрүлүн, көстүбэт гына сабылын

Нууччалыы Быть окутанным чем-л., обволакиваться чем-л

  • суулаа диэнтэн бэй. туһ. Ойуулаах буобура суорҕаннарыгар сууланан -- Утуйан буккураһа сыппыттар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • [Тишко] төбөтүн сонунан тууна сууланан, сытан кэбиһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Ира] туумбачыкаттан -- түөрт гына сууламмыт адаархай буочарынан суруллубут суругу сулбу тардан таһаарда. Л. Попов
Өссө холобурдар (3)
  • Эбэ уҥуоргута күөх күдэриккэ сууланан турар.
    Л. Попов
  • Өлүөнэ өрүс улуу ньуура тумаҥҥа сууланара.
    Н. Габышев
  • Сүүрбэччэ киһи, табах буруотун хойуу туманыгар сууланан, күлүк курдук боруһан көһүннүлэр
    С. Федотов

2 #

Туох эмэ ыарахаҥҥа бэрин, утарыласпакка олорон биэр

Нууччалыы Поддаваться, не сопротивляться каким-л. трудностям

  • "Дьэ онон хайыыбыт, Михаил Яковлевич? – диэтэ кини аргыый. – Кыахпыт суох диэн сууланан кэбиһэбит дуу?" Софр. Данилов. Сорох кыра ычалаах оҕолор: "Син биир холкуоска барабыт. Үөрэҕи кичэйэн да диэн, онтон туох туһата кэлиэй?" – диэн сууланан кэбиһэллэрэ.
    И. Федосеев
  • Кини бэлиэр кырдьыбыт киһилии ким да атыыласпат, сатаммат-табыллыбат дии-дии таах халтайга лэбээрдээн сууланан олорон биэрдэҕэ үһү
    У. Ойуур

3 #

Ханнык эмэ дьарыккын тохтот, бырах

Нууччалыы Прекратить, бросить заниматься чем-л. – Билигин оонньоон-көрүлээн көрөр кыахтааххын дуо? – Сууламмытым ыраатта

  • Ойуун буолуу диэн идэтийии, эрчиллии
    Н. Босиков

4 этии #

Нууччалыы Одеваться в дорогие меха, ходить в мехах

  • көр сууласпытынан (суулаһан). Бары суулан тахсаннар аттары көрбүттэрэ, сиэллэрэ, кутуруктара суох.
    Д. Софронов
  • Күлүүһү алдьатан, дьэ эбээт, Таһыттан суулан киирдилэр, Оһох уотун күөдьүттүлэр. Дьуон Дьаҥылы. Таһырдьа сылдьыбыт дьон таҥара дьиэтин диэки суулан бардылар. Н. Павлов

Этиилэр

Күндү түүлээххэ (саһылга-саарбаҕа) суулан

бүтүннүү күндү түүлээхтэн тигиллибит таҥаһы кэт Бэрт ыраахтан кэлбит киһи курдук, күндү түүлээххэ сууланан Сыллай киирэн, бэрт бытааннык, килбиктик нууччалаата.

  • Былыргы саха киһитэ -- күндү түүлээххэ сууламмакка, күнү-дьылы күлүк курдук аһарара.
    П. Аввакумов
  • Кыргыттар, дьахталлар бука бары саһылга-саарбаҕа сууламмыттар.
    М. Попов

Солкоҕо суулан

олус маанытык таҥын.

Роскошно, нарядно одеваться, ходить в шелках.

  • Сыаналаах солкоҕо Кэтириис Сууланар.
    И. Гоголев
  • Эдэр кыыс Татыйаас -- Солкоҕо сууланан суугунуур тыастаммыт Субуллар суһуоҕун ким бастаан туойбутай?
    П. Тобуруокап
Өссө холобурдар (1)
  • [Өкүүсэ] бу турдаҕына Мааса кыыс солкоҕо сууланан, хаарыска хааллан суугунаан кэлэн -- тииһин быыһынан сыыйан мөҕө турда. Эрилик Эристиин

«С» буукуба