Перевод с якутского
суу
аат тыл
Нууччалыы обёртка.
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тугу эмэ тас өттүнэн сөрүү тутан эрийэр, сабар матырыйаал (хол., кумааҕы, таҥас о. д. а.)
Нууччалыы Обёртка. Суу буолбут арыылаах кумааҕы, Суоһура-суоһура умайда. Күннүк Уурастыырап. Светик -- обургу хаһыат сууну арыйбытыгар кэрэ сыттаах сибэкки дьөрбөтө кытар гынна. Н. Лугинов. [Атыылааччы] бородууктаны аҕалан ыйааһыҥҥа лах гына быраҕан иһэн сулбу тардан ылар. Суу кумааҕытын аахсыбат. В. Ойуурускай
2 аат тыл #
Кыһыл оҕону суулуур таҥас
Нууччалыы Пелёнка. Им-дьим барбыт кыра кыыс, уута олох көтөн, суутун туора хаһыйан -- сыгынньаҕын куталлан олордо. Болот Боотур. [Укулаанап:] Оҕобутугар тугу атыылаһабыт? [Нарыл:] Туох наадалааҕы барытын: суу, суорҕан, кыраб аат. В. Протодьяконов. Кыһыл оҕоҕо элбэх ис таҥас, суу наада буолара кимиэхэ барытыгар биллэр. Дьиэ к
3 аат тыл #
Туох эмэ холбуу эриллибитэ эбэтэр бииргэ сууламмыта, угуллубута
Нууччалыы Свёрток, пачка
Микиитэ ийэлээх эһэтэ -- куулу сүөрэ баттаатылар: биир суу иҥиир, илбирийбит сон -- баар эбит. Амма Аччыгыйа Саллаат аайытын отуттуу сигэриэтэни, биирдии суу табаҕы -- түҥэппиттэр. ДАЛ УуУоО. Дьарамай киһи -- чымадааннары, суулары уонна хордуоҥкалары сүгэһэрдэммит. А. Чехов (тылб.)
4 этии #
Атах суута түөлбэ. – атах таҥаһын иһинэн эриллэр таҥас Атахтарын суутун кууртулар. Н. Габышев.
Нууччалыы Портянки
Этиилэр
Кэмпиэт суута
кэмпиэт таһынан эриллэр ойуулаах, анал кумааҕы.
Фантик.
Кумааҕы бытархайа, кэмпиэт суута муостаҕа ыһыллыбыт. Амма Аччыгыйа Эдьиэй, миэхэ кэһиигин Кэмпиэт суута кумааҕыта, Харандааста ыытаар. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
Суорҕан суута эргэр. – иһиккэ уган баран кийиит суорҕаныгар суулаан аҕалыллар, арыыга быламмыт лэппиэскэ (саҥа холбоһор дьон ороннорун оҥорон биэрбит дьахтарга бэриллэр). В старину: кусочки лепёшки, перемешанные с маслом, уложенные в чашку средней величины, которую затем заворачивают в одеяло невесты (чашка с лепёшкой потом отдаётся женщине, приготовившей постель новобрачных). Сүрэх суута анат. – сүрэх тас өттүнээҕи бүрүөһүнэ. Околосердечная сумка. Сүрэх суута сүрэҕи тас өттүттэн бүрүйэр.
Чэй суута
туох эмэ аһы суулуур эбэтэр бүрүйэр чараас килэбэчигэс матырыйаал.
Фольга.
Алаас чэй суутун курдук кылабачыйан көстөр күөлүн диэки сырсарбыт. В. Гаврильева Кыыс миэхэ чэй суута кумааҕыны биэрэр буолбута. Агидель к. Ср. ДТС чоҕ ‘сверток, тюк’