ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

суул

этии

  • көр суулун II. Ой маҥан куобах Ойуохалаан тахсан, Осхорго оҕустарда -- Субай хаана субуруйда, Суулан оҕутта.
    А. Софронов
  • Тула суулбут тиит, чөҥөчөк, силис адаарыйар.
    Н. Габышев
  • Кыыс Ньургун -- алаһа дьиэтэ айгыраата, -- суостуганнаах-мэнилгэннээх суо-хаан оһохторо суулла. Эрилик Эристиин

Этиилэр

Сирэйэ-хараҕа (сирэйэ) суула өспүт көр сирэй-харах

  • Сиидэрэп киһини таба көрбөт, сирэйэ-хараҕа суула өспүт, дьиэтигэр киирэн хаҥас диэки олордо.
    Күндэ
  • Сирэйим-хараҕым суула өһөн хаалбытын бэлиэтии көрөн, учууталлар дьиктиргээн: "Ыарыйдыҥ дуо?" – диэн хаста да ыйыппыттара.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Утуйбакка, олус сылайан, Барыбыт сирэйэ суула өспүт.
    С. Тимофеев

Тоҕо суул

суулун II 4 диэн курдук.

  • Дьон бары таһырдьа ааҥнаан тахсан, дал диэки тоҕо сууллулар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Көҥүлэ быстыбыт атын киһи кэлбитин көрбүт дьон тэлиэгэ аттыгар тоҕо сууллан кэллилэр. Эрилик Эристиин

«С» буукуба