ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

маарка

аат тыл

Нууччалыы марка

I

1 аат тыл #

Буоста өҥөтүнэн туһаныыны эбэтэр туох эмэ төлөбүрү оҥорбуту туоһулуур сыаната ыйыллыбыт, үксүгэр түөрт муннуктаах, сыһыарыллар, ойуулаах кыра бэлиэ кумааҕы

Нууччалыы Марка (почтовая)

  • Араас дьэрэкээн ойуулаах буоста мааркалара атыыламмыттар.
  • Арааһынайы хомуйар дьон баар буолаллар. Сорохтор буоста мааркатын, атыттар испиискэ хаатын биитэр былыргы манньыаттары хомуйаллар
    ДьДьДь
II

2 аат тыл #

Туох эмэ көрүҥэ (хол., массыына о. д. а.)

Нууччалыы Марка (машины, техники и т. д.)

  • Тыраахтардар уонна хамбаайыннар эргэ мааркалара саҥа тупсарыллыбыт, ордук көрдөрүүлээх массыыналарынан солбуллаллар. ЭБТ. Хамбаайыннар эргэ мааркалара көдьүүһү биэриилэрэ хамбаайын саҥа мадьыалларын кытта тэҥнээтэххэ таҥнары түспүт
    ХС
  • Туох эмэ суорда, хаачыстыбата. Θ Марка (сорт, качество чего-л.). "Сухой" [арыгы] ханнык эрэ мааркатын толоруннум уонна Сэмэҥҥэ былдьаһыспыттык: "Маны түһэрэбин!" - диэн сибис гынным. Софр. Данилов. Мохсоҕоллооххо сиэмэн М-500 мааркатыгар хаачыстыба судаарыстыбаннай бэлиэтэ иҥэриллибитэ
    ХС
III

3 аат тыл #

, кэпс. Икки хамаандаҕа хайдыһан кыра мээчигинэн бырахса оонньуур оонньуу

Нууччалыы Лапта (вид подвижной игры в мяч)

  • Хаар харааран, оҕолор маарка оонньоон сырсыакалаһа сылдьаллар.
  • Маарка оонньоотоххо Вася мээчиккэ таптарыгаһа суох, өрө тамаһытан түһэн, сүрдээхтик сүүрэр уол эбээт ити.
    Амма Аччыгыйа
  • Техникум таһыгар маарка оонньоон сырсыакалаһа сырыттахтарына биир киһи бэлэсипиэтинэн бэрт холкутук тайаарытан ааста
    ХС

«М» буукуба