Перевод с якутского
мадьыал
аат тыл
Нууччалыы модель, тип, марка конструкции
1 аат тыл #
Биир бырайыагынан оҥоһуллан тахсыбыт тиэхиникэ көрүҥэ
Нууччалыы Модель, тип, марка конструкции
Сөмөлүөт саҥа мадьыала. Минскэйдээҕи тракторнай собуокка МТЗ-50 тыраахтар мадьыалыгар олоҕуран оҥоһуллубут саҥа МТЗ-80 тыраахтары тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныы алта уон мөлүйүөн солкуобайдаах экономическай көдьүүһү биэриэ. ЭБТ. АН-2 сөмөлүөт бүгүн даҕаны бэйэтин миэстэтин итинник кылаастаах атын мадьыалларга туран биэрбэт Кыым
2 аат тыл #
Туох эмэ көрдөрүүгэ анаан кыччатыллан оҥоһуллубут схемата, торума
Нууччалыы Уменьшенное воспроизведение или схема чего-л
Хараабыл мадьыала. Филипп -- муоһунан оҥоһуллубут мадьыалын аҕалан Иван Степанович иннигэр ууран биэрэр С. Ефремов Көрдөрүүгэ анаан туруоруллубут туох эмэ көрүҥэ. Θ Выставленный для показа образец чего-л., модель (одежды). Кыһыҥҥы таҥастар мадьыаллара.
Өссө холобурдар (1)
Маркс миэхэ -- элэктэриичэскэй массыына мадьыала көрдөрүүгэ туруоруллубутун бэркэ көтөҕүллэн туран кэпсээбитэ. В. Либкнехт (тылб.)