ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үөрэт

туохтуур

Нууччалыы учить, обучать кого-л. чему-л. [Байбал:] Түөһэйимэ, хата үлэҕэ-хамнаска үөрэт, ол ыраах ордук буолуо

English to teach

1 туохтуур #

Кими эмэ тугу эрэ билэргэ, сатыырга уһуй

Нууччалыы Учить, обучать кого-л. чему-л. [Байбал:] Түөһэйимэ, хата үлэҕэ-хамнаска үөрэт, ол ыраах ордук буолуо

  • [Далбарай:] Нохоо, мин эйигин мээлэ андаҕайбат буол диэн үөрэтэр этим буолбат дуо?
    Н. Неустроев
  • Киһи өйүгэр түһэрдик, астыктык уонна бэйэтэ көтөҕүллэн үөрэтэрэ
    Суорун Омоллоон

2 туохтуур #

Тугу эмэ үчүгэйдик билээри, сатаары анаан дьарыктан

Нууччалыы Учить, изучать специально для роста, развития

  • Ыскаабыттан күөх тастаах "Устав пограничной службы" диэн кинигэни ылан биэрбитэ: "Маны аах, үөрэт".
    Н. Якутскай
  • [Петя:] Мин эмиэ эн курдук толкуйдуур этим. Ол иһин трактор уонна автомобиль үөрэттим.
    С. Ефремов
  • Толкуйдуоҕум, опыттары ааҕыам, быраабыланы үөрэтиэм – диэтэ Таня
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Туох эмэ ис дьиҥин билээри үлэлээ, чинчий

Нууччалыы Изучать, исследовать что-л

  • Атом күүһүн көлүнэммит, Аан дойду куйаарын үөрэтэммит, ыйга ыттар, бэл күнү иилии эргийэр. Ыраас-сырдык ыралаахпыт, Ырбат-дьаныар сыралаахпыт.
    Күннүк Уурастыырап
  • ини дьүкээбил уотун үөрэтэр лабораторияны салайара
    В. Яковлев

«Ү» буукуба