ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэптэр

туохтуур

Нууччалыы идти, ехать (напр., на конной подводе, какой-л. технике) куда-л. в большой спешке

Ис хоһооно · 5

1 #

Олус тиэтэйэн, ыксаан суһаллык хайа эмэ диэки бар, айаннаа (хол., ат көлөнөн, тиэхиньикэнэн)

Нууччалыы Идти, ехать (напр., на конной подводе, какой-л. технике) куда-л. в большой спешке

  • тэп I диэнтэн дьаһ. туһ. [Айаал – доҕоругар:] Бу хортуосканы кутан, [күөскүн] кутааҕар кыратык тэптэрэ түс.
    Н. Борисов
  • Мутукчаны үлтү сынньыбакка да, паарынан тэптэрэн эбэтэр судургу ууга буһаран баран сүөһүгэ сиэтиэххэ сөп. ПАЕ ЭАБ. Мин аҕам олунньу бүтүүтүн диэки хараҕын маска тэптэрэн, иккиэн бииргэ Натаараҕа киирбиппит. “ХС”
  • Аппын миинэн, муҥ кыраадыһынан заставаҕа тэптэрэн тахсыбытым уонна кэмэндээҥҥэ дакылааттаабытым.
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
  • "Москвичка" олороот, ханна да таарыйбакка, биһиги сайылыкпытыгар тэптэрбиппит.
    Далан
  • Татыйаас сыарҕалаах акка олорон эмиэ Мархалыыр суолунан түргэнник айаннатан тэптэрэн истэ
    В. Протодьяконов

2 #

Туох эмэ куһаҕаҥҥа оҕустар, тэбилин, туох эмэ содулун бил

Нууччалыы Попадать в какую-л. неприятную ситуацию по глупости, неопытности

  • Айаал курдук алдьархайга тэптэрбит элбээтэ.
    Суорун Омоллоон
  • Арыт киһи, эдэригэр тэптэрэн, үчүгэйин-куһаҕанын араҥалаабакка, туохха тиэрдиэн тойонноон көрбөккө, умсугуйар үгэстээх.
    Н. Якутскай
  • Хонтуо куоракка университетыгар үөрэҕэр киириэхтээх этэ да тэптэрдэ
    Е. Неймохов

3 #

Ким эмэ тугу эмэ саҥарарын, гынарын сэҥээрэн, туохха эмэ (үксүгэр соччото суохха) киксэр

Нууччалыы Подстрекать кого-л. на что-л., поощряя, одобряя поступок, действие (обычно предосудительные). [Байбал:] Мэниги, акаарыны, буойуоххун, үөрэтиэххин билиминэ, тэптэрэ олороҕун

  • Тэптэрдэх аайы тэбиэһирэн, Билбитин бэйэтигэр туппат киһини Ол иһин күөрт айах дииллэр ини.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сайаҕас, дьэллэм тыллаах-өстөөх, көрсүө көрүҥнээх киһи үксүн наар сэҥээрэр, дьонун тэптэрэн кэпсэтиннэрэ олордо
    Тумарча

4 этии #

Нууччалыы Подстрекать, побуждать кого-л. к какому-л. действию, поступку (обычно неблаговидному, предосудительному)

Этиилэр

Тэптэрэн биэр

кими эмэ туохха эмэ (үксүгэр соччото суохха) киксэрэн биэр Сеня, сөхпүттүү саҥа аллайбахтаан, киһитин өссө эбии тэптэрэн биэрэр.

  • Омунугар өрүтэ ыстаҥалыыр, ону тэптэрэн биэрдэхтэринэ, Оппоос эбиллэ-эбиллэ барар, үөрэр-көтөр.
    ХС

Тэхтиргэ тэптэр

очурга (олох очуругар) оҕустар диэн курдук (көр оҕустар).

  • Тэхтиргэ тэптэрэр, очурга оҕустарар да кэммитигэр уоттаах тапталбыт күүс-көмө буолуохтун, өй-санаа салгыахтын. С. Никифоров

5 этии #

Нууччалыы Передвигаться с помощью трости

Этиилэр

Дэлби тэптэр көр дэлби

  • Дөрүн-дөрүн дэлби тэптэрэр тыастар ньиргиһэллэр.
    И. Данилов

Иэскэ тэптэр көр иэс

  • Кыһыҥҥы кыһалҕаттан дьон иэскэ тэптэрэллэрэ, баай хабалатыгар хаптараллара. ССЛИО.

Тайахха тэптэр

тайахтаах сырыт, тайахтаах хаамп Ол оҕонньор, кырдьан буорайан-дьаарайан, тайахха тэптэрэр буола сылдьан балыктыыр.

  • Саха сэһ. II. Бэл, маннык аарыма кырдьаҕастар, тайахтарыгар тэптэрэн, мин лиэксийэбин истээри кэлэллэриттэн, улаханнык сэргэхсийэн эгди буоллум. И. Семёнов

«Т» буукуба