ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьыбар

аат тыл

Нууччалыы мороз

1 аат тыл #

Сарсыарда уонна киэһэ күүһүрэн кэлэр тымныы

Нууччалыы Мороз (утренний, вечерний)

  • Будулҕан тумаҥҥа, чыгдааннаах дьыбарга Түүннэри-күннэри түрбүөтээн ытарга Түннүктүүн, үөлэстиин барыта доргуйар.
    П. Ойуунускай
  • Халлаан сырдаан, дьыбар күүһүрэн барда.
    Н. Заболоцкай
  • Киэһээҥҥи дьыбарга сыыдам таба туйаҕын тыаһа ыраахтан иһиллибитэ.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Маннык сылгылары сарсыарда эрдэ уонна киэһэ хойут, атыннык эттэххэ, дьыбартан дьыбарга, күҥҥэ иккитэ аһатыллыахтаах
    Кыым

2 аат тыл #

Киһиэхэ куһаҕанынан дьайар туох эмэ (кэм, быһыы-майгы, олох о. д. а.)

Нууччалыы Что-л. отрицательно влияющее на человека, на его жизнь, что-то, от чего, веет холодом; причина, источник дискомфорта

  • Тылын тамаҕыттан өйдөөтөххө, тыһыынча тоҕус сүүс отут аҕыс сыллаах дьыбар тыына кинини балачча хаарыйа түһэн ааспыт
    Н. Заболоцкай

3 этии #

Нууччалыы Согреться горячей пищей, чаем

Этиилэр

Дьыбаргын таһаар

итии аһылыгы аһаан-сиэн, чэй иһэн тоҥмуккун аһар "Сэмэн, лэппиэскэтэ сиэ, үчүгэйдик аһаа, чэйдээ, дьыбаргын таһаар", – сымнаҕастык көрдөһөрдүү эттэ.

  • Тэҥн. итиитэ киллэр. Дьыбар тэптэр түөлбэ. көр дьыбаргын таһаар.

Дьыбарын таһаар

киһи кэтэр эбэтэр утуйар таҥаһын сылыт, ириэр.

Согревать носильную одежду или постельную принадлежность (занесенные в помещение с холода).

  • Айаҥҥа аттаныаҥ аҕай иннинэ [таҥаскын] тэбээн-тубаан киллэрэн, дьыбарын таһаара түһээт, эмиэ болточчу таҥнан кэбиһэҕин эбээт.
    С. Тумат
  • П. -монг. дьиэбэр, дьибир

«ДЬ» буукуба