Перевод с якутского
кырыа
аат тыл
Нууччалыы иней.
English hair
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Туохха эмэ олорбут сиик тымныыга тоҥон хаар буолбута
Нууччалыы Иней. Кыламаныҥ кырыа буолбут. Атыҥ кырыатын илбий. Кырыаны кырыатаа. [Уйбаан] Хаарга, суол-суол кытыытыгар, Дьиэҕэ түннүк кырыатыгар Сурук суруйан дьэрэлитэр. Дьуон Дьаҥылы. Тымныыттан дьиэбит иһэ бүтүннүү кырыа, чэҥ. Н. Тарабукин (тылб.)
2 аат тыл #
Хаар, кыстык хаар (кыһын тас көстүүтэ, сүрүн бэлиэтэ)
Нууччалыы Снег (как основной признак зимы). [Кыыһы] уол дьиэтигэр илдьэ барбыт
Кыһыны кырыатынан, сайыны самыырынан билэн, айаннаан истэхтэрэ. Саха фольк Кыыдааны тоһуйан, кырыаны уулларан Кылбаарар сааскы кэм сандааран таҕыста С. Васильев
3 аат тыл #
Кыстык хаар, киһи олоҕор биир сыл
Нууччалыы Годовой цикл, год жизни (о возрасте)
Биэс уон биэс кырыаны аастаҕым! Ээй, мин дьолум ол сааспынааҕар быдан элбэх - улахан! А. Сыромятникова
4 аат тыл #
Баттах маҥана, кырымах
Нууччалыы Седина в волосах
Санньыардык саҥа дьылга Сиэркилэҕэ көрүнүмэ, бэлиэр кырдьыы кырыата Биллибитин сөҕүмэ. С. Спиридонова Үөрүү, хомолто даҕаны аргыстаах үтүмэн сыллар Маарыйа эмээхсин баттаҕар ирбэт кырыаларын сотон ааспыттар. ВМП УС С. Тюрк кырау
5 этии #
Күн кырыата киһи кэпс. - мөлтөх доруобуйалаах, бэрт намчы Кийиитэ сылаабайа, барахсан күн кырыата киһи эбит. В. Иванов
Нууччалыы Слабый здоровьем, хилый
6 этии #
Нууччалыы Наружная часть плечевого сустава
Кырыа илбинэр - киһи окумалын баһа Байбал, Тыый... туох муодатай, кырыа илбинэрим тартаҕа үһү. - Ээ, оттон ардаҕы тыалы биттэнэ олорор инигин. А. Софронов Кырыа хаар - көпсөркөй хаар, кыырпах хаар. Θ Рыхлый снег, снежная пороша. Кырыа хаар кыраһалаах Кыһын ийэ хотун Кыһарыйан кэлбитэ. Саха нар. ыр. II. Куобах кутуруга кырыа хаар кыыдайар. Н. Түгүнүүрэп Кыһын обургу кырыа хаарынан үллүктэнэн, кыскыйар тыалынан уһуутаан, кэллэр кэлэн истэ. М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
// Кыстык хаар. Θ Снег-зимник, снег на всю зиму. Күтүр дьылбыт көлбөрүйдэ, Кырыа хаарбыт Кылыгыр уу буолан, Кылбайа сүүрдэ. Саха нар. ыр. II. Кырыа хаар уулунна, Кыдьымах уһунна, Кырыа тыа, Сибэкки дэлэйдэ. Күннүк Уурастыырап [Бээрийэ] кыһын кырыа хаары бүрүнэн төйө тоҥор. Эрилик Эристиин