Перевод с якутского
тымныы
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы холодный; морозный
English cold
Ис хоһооно · 11
1 даҕааһын #
Тыынар тыыннааҕы тоҥорор; дьыбардаах (хол., салгын, уу)
Нууччалыы Холодный; морозный (напр., воздух, вода)
Кыһын обургу тымныы тыына күнтэн-күн кырыгыран-кыйыһыран иһэр. Амма Аччыгыйа Чап-чараас сарапааннаах, атах сыгынньах бэйэтэ күһүҥҥү киэһэ тымныы салгыныттан дьагдьайдаҕа буолуо. Софр. Данилов. Быарбынан сыыллым. Тобукпар, тоҕонохпор күһүҥҥү тымныы уу билиннэ Т. Сметанин Глафира иччитэх дьиэтэ бүгүн тымныынан буолбакка, сып-сылааһынан илгийэ тоһуйда. Л. Попов
Өссө холобурдар (2)
Кута анныттан иҥсэлээх тымныы аргыйар. Т. Сметанин Ньирэй ыраас салгыҥҥа уонна тымныыга этэ-сиинэ сыыйа үөрэнэр, элбэхтик хамсанар, оччоҕо иҥсэлээхтик аһыыр, улаатар ПНС ЫСҮө
2 даҕааһын #
Тоҥ, тоҥунан хаарыйар (хол., тимир)
Нууччалыы Мёрзлый, холодный (напр., железо)
Киргиэлэй муус-тымныы атахтарын уол быыкаайык иһигэр тэбэн ириэрэ сатаата. Амма Аччыгыйа Тымныы торуос кини сыгынньах, кубалыы маҥан моонньун, сытыы биинэн быһа соппут курдук, хаарыйбыта.
Суорун Омоллоон"Билигин, мантан хамсаама! Хамсыаҥ да, саманна ытан кэбиһиэм!" – буҕаалтыр сүүһүн тыбыс-тымныы бэстилиэт уоһа хаарыйар Н. Якутскай
Өссө холобурдар (3)
Күн-ый көстүбэт күдэрик тымныыта түһэр. Н. Якутскай Доҕордуу дьоҥҥо Тымныыга – сылаас, Куйааска – сөрүүн. П. Тобуруокап [Бадин:] Таһырдьа төһө тымныыный? С. Ефремов
3 даҕааһын #
Сылааһа суох, сылаас буолбатах (дьиэни этэргэ)
Нууччалыы С низким температурным режимом, холодный (о доме, помещении). [Борускуобуйа:] Маспыт суох, дьиэбит тымныы
Балаҕан тымныы, хараҥа – ким маһы таһан биэриэй? Эллэй. Дьиэ иһэ тымныы, эркин, куул бүрүөһүннээх түннүктэр араамалара кырыарбыттар Н. Габышев Болтуотун -- саҕатынан хаар киирэн, [Тогойкин] көхсүн тымныынан хаарыйбахтаата. Амма Аччыгыйа Маайа кыыс -- кыһыл сиидэс ырбаахыта догдоччу тоҥон, тымныынан хаарыйыар диэри көрөн турбахтаата Ф. Софронов
4 даҕааһын #
Туох да интэриэһэ суох, кыратык даҕаны кэрэхсээбэт (киһи сыһыанын туһунан этэргэ)
Нууччалыы Равнодушный, лишённый интереса, безразличный
Уол тугу да сэҥээрбэт тымныы харахтарынан эргиллэн көрөөт, аахайбаттык саҥата суох сапсыйан кэбистэ. Тумарча. Кыыска таптыыр эрдэҕинэ, Кыһамматтыы тымныыгын. Кэлэйэн тэйдэҕинэ – Кэлин биирдэ ыксыыгын. Ф. Софронов Киэҥ харахтара тыйыс, тымныы өҥүнэн килэбэчистилэр В. Егоров Хаҕыс, тыйыс (хол., сыһыан). Θ Чёрствый, холодный (напр., об отношении). Хандыы ийэтэ тыйыс, тымныы баҕайытык саҥарбытыттан ытырыктата санаата. А. Фёдоров
Өссө холобурдар (4)
Тыла-өһө быһаччы, тымныы. С. Дадаскинов Саша [кэргэнин] кууһаары гыннаҕына куота көтөр идэлэммитэ, тымныы, хаҕыс курдуга ХС Куйахата "дьыр" гына түстэ. Хайдах эрэ этин саастарынан тымныы тарҕанна. Амма Аччыгыйа [Саллаат:] Ынырык бырааттар, ынырык… Аат айаҕар иһээхтиигит, – диэн ботугураата. [Мин] арҕаспар тымныы сүүрэлээтэ Н. Кондаков
5 даҕааһын #
Өлбөөркөй, кубархай (өҥ туһунан этэргэ)
Нууччалыы Бледный, невыразительный (о цвете)
Сырдык кырааска хос иһин киэҥ-куоҥ оҥорор, тымныы кырааска – кыччатар ДьХ
6 аат тыл #
Салгын намыһах (нуул кыраадыстан аллараа) тэмпэрэтиирэтэ
Нууччалыы Низкая температура воздуха (по показателям термометра ниже нуул градуса), холод
7 аат тыл #
Дьыбардаах күн-дьыл, тоҥот
Нууччалыы Холодная погода, мороз
8 аат тыл #
Туох эмэ (хол., муус) киһи этигэр биллэр тоҥо
Нууччалыы Холод, исходящий от какого-л. мёрзлого вещества или предмета (напр., льда)
9 даҕааһын #
Улаханнык куттаннахха киһи этэ-сиинэ куһаҕаннык тардан, тоҥон ылара
Нууччалыы Неприятное чувство от внезапного испуга, ужаса
10 этии #
Нууччалыы Быть мрачным, угрюмым (имея за душой тяжкие преступления)
Этиилэр
Тымныы (хараҥа) күлүктэн
дьэбин уостубут, күлүгүрбүт дьүһүннэн (ханнык эмэ ыар буруйу, аньыыны оҥорон) Уйбаан онтон ыла тымныы күлүктэммитэ. Тымныы күрдьэхтээх дьахтар эргэр. – тымныы дьиэлээх дьахтар (былыр сахалар балаҕаны ынах сааҕын күрдьэххэ баһан ыла-ыла сыбыыллара, онон дьиэни куһаҕаннык сыбыыр диэн өйдөбүлгэ этиллэр).
Женщина, у которой холодная юрта (в старину якуты утепляли юрту, обмазывая стены коровьим помётом при помощи лопаты. Некачественная обмазка не давала тепло).
Киниэхэ барбаппын, тымныы күрдьэхтээх дьахтар.
Тымныы муоһа тостубут
улахан тымныы мөлтөөбүт, намыраабыт.
Лютая стужа (чуть) ослабела.
Саха сиригэр, Дьокуускайга, Саас тымныы муоһун тоһутан, Халыҥ хаар ирэн, уулуссаларга Харалдьыктар тахсыбыттар. Эллэй. Тымныы муоһа дьэ тостон, Таҥара эрдэ сырдаата. М. Тимофеев Тымныы муоһа төһө да тоһуннар, билигин даҕаны киэһэ-сарсыарда дьыбардаах, онуоха эбии күүстээх тыал киһини курдаттыы үрэр. В. Ойуурускай
Өссө холобурдар (2)
Тымныы уунан (саба) ыстарбыттыы (ыстарбыт курдук буолла) – истибит сонуна куһаҕана, соһуччута бэрдиттэн улаханнык уолуйда. Сильно растеряться, оторопеть (от неожиданного и страшного известия). [Суоппуйа Сиидэрэбинэ:] [Оҕолорум] төһө эрэ тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буола түһээхтииллэр. И. Семёнов Уол тымныы уунан ыстарбыттыы титирии түстэ: "Ийэм өлбүт", – диэн санаа чаҕылҕанныы күлүм гынан ааспыта. НЕ ТАО
Тымныы холумтаннаах ыал
ыалдьыты хобдохтук аһатар ыал.
Негостеприимные, скаредные, жадные люди (букв.
семья, у которой холодный шесток).
Кэтириистээх
тымныы холумтаннаах ыал.
Тымныы хоойдоох дьахтар
соотв.
чёрная вдова.
Суоппуйа
тымныы хоойдоох дьахтар.
Тымныы хоойдоох киһи
огдооботуйан баран кэргэн ыллаҕына, ойохторо өлөн иһэр киһи.
Мужчина, у которого в каждом браке умирают жёны.
Ыстапаан
тымныы хоойдоох киһи
11 этии #
Нууччалыы Самое холодное место на земле, полюс холода
Этиилэр
Тымныы киинэ (полюһа)
сир саамай тымныы чааһа Кини [Витя] олорор пиэрмэтэ ханна эрэ тымныы киинин аттыгар баар.
Н. Заболоцкай.
Тымныы оҕонньор
Кыһыны, тымныыны уобарастыыр Саҥа дьыл бырааһынньыгын сүрүн персонаһа (уһун маҥан бытыктаах, уһун кыһыл сонноох, бэргэһэлээх, үтүлүктээх, торуоскалаах, эйэҕэс майгылаах, элбэх кэһиини бэлэхтиир оҕонньор).
Дед Мороз.
Тымныы оҕонньор харыйа уоттарын уматаары гынна. ББ
Тымныы оҕуһа
дьыл оҕуһа диэн курдук (көр дьыл).
Ол эрээри тымныы оҕуһа Ураа лаҥкыр муоһа тоһунна. Баал Хабырыыс Кини [ый] харсыһан булгурутта Тымныы оҕуһун муоһун, Сирбитин сааска дьулурутта, Ол иһин күммүт уһун. И. Эртюков
Өссө холобурдар (1)
Тымныы оҕуһун моойдоох баһа быстан көҥдөй көхсө эрэ күрк гынан, сыһыы-сыһыы барыта сибэкки бөҕөнөн симэнэр. ПП ОА
Тымныы оройо
тымныы саамай үгэннээбит, күүһүрбүт кэмэ (ахсынньы, тохсунньу ыйдар).
Самое холодное время (букв. макушка холода).
Кыһыҥҥы тымныы оройо тостон, олунньу ый баранан, тыа дьонун олоҕор сааскы ылааҥы күннэр үүннүлэр. Күрүлгэн.
Тымныыны тулуйумтуо
тымныыга кыһаммат, тымныыттан өлбөт (үүнээйини этэргэ).
Морозоустойчивый (о растениях).
Моонньоҕон
тымныыны тулуйумтуо үүнээйи.
Тымныы хааннаахтар
тулалыыр эйгэ тэмпэрэтиирэтигэр сөп түбэһэн эттэрэ-сииннэрэ уларыйар тэмпэрэтиирэлээх тыынар-тыыннаахтар (хол., балыктар, амфибиялар о. д. а.).
Холоднокровные (напр., рыбы, амфибии и др.). Балыктар тымныы хааннаахтарга киирсэллэр. Ср.
ДТС том ʽхолодʼ, томлыҕ ʽхолодный, холодʼ, тув. тум ʽхолодʼ