Перевод с якутского
киксэр
туохтуур
Нууччалыы подстрекать, подзадоривать; настроить против кого-л
1 туохтуур #
Кими эмэ тэптэрэн биэр, көҕүлээ (үксүгэр охсуһууга, этиһиигэ, мөккүөргэ); кимиэхэ эмэ утары туруоран иирсээни тэрий
Нууччалыы Подстрекать, подзадоривать; настроить против кого-л
Акаарыны киксэрдэххэ өлөрүө да буоллаҕа дии. Амма Аччыгыйа Ойуумсуйар иирээки киксэрдэҕин ахсын хабарҕаларыгар түсүһэр дьон ити төһө өргө иллэстилэр?
Н. ЛугиновСаала иһиттэн Ыстапааны киксэрэр саҥалар онтон-мантан иһилиннилэр И. Федосеев
2 туохтуур #
Көлө айанын саҥаҕынан түргэтэтэн биэр, тиэтэт
Нууччалыы Понукать, погонять
"Кытаат! Түһэн биэр!" - аппын киксэрэн туох баарбынан үөгүлүүбүн да, саҥам иһиллибэт курдук. И. Семенов Пураама -- ньуоҕутун эһэ охсон ылаат, табаларын киксэрэн үөгүлээт, наартатыгар лап гына олорунан кэбистэ. С. Курилов (тылб.) Ыты киһиэхэ эбэтэр кыылга, көтөргө түһэр курдук соруй, көҕүт. Θ Науськивать, натравливать собак на кого-л. Бөтөһү киксэриэх эрэ кэрэх - оннооҕор эһэни көмүллүүр ыт Хасхаан эрэйдээҕи тулутуо дуо? Далан
Өссө холобурдар (2)
[Булчуттар] маҥан ыты уһун быаҕа баайаллар, ол кэннэ хаастарга киксэрэллэр. И. Федосеев Кэмниэ-кэнэҕэс ытын дьэ сүөрэн киксэрэ-киксэрэ саарба куоппут сирин диэки тэбиннэ Сэмээр Баһылай
3 туохтуур #
түөлбэ. Уоту күөдьүт, уокка маста бырах
Нууччалыы Раздуть огонь, поддать жару
Тукаам, Баһылаай, оҕонньор сотору кэлиэҕэ, оһох төрдүттэн хардаҕаста ылан уоккун киксэрэн биэр Айталын Кымыһы көөнньөр, аһыт. Θ Заквасить, заводить кумыс. [Маҥан илгэни] Сөҥ сүөгэй аннын уутунан Кимиэлинэн киксэрэн, Ала ынах араҕас арыытынан Амтанын тупсарбыта. Саха нар. ыр. II