ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уккуй

туохтуур

Нууччалыы подстрекать кого-что-л. на что-л., вовлекать во что-л

1 туохтуур #

Кими эмэ туохха эмэ (үчүгэйгэ эбэтэр куһаҕаҥҥа) кучуй, угуй, көҕүт

Нууччалыы Подстрекать кого-что-л. на что-л., вовлекать во что-л

  • Эн уккуйан аҕалан, Уйгууран, тэбиллэн испитим.
    Күннүк Уурастыырап
  • Алыы олохтоохторун албыннаан, бэйэлэригэр уккуйдахтара.
    Л. Попов
  • [Хороҕор:] Хайыай, Татыйаана курдук кыыһы уккуйар манан ахан буолбатах
    Л. Габышев

2 этии #

алкый (уккуй) көр аат I. [Буура Дохсун бухатыыр] бэйэтэ аат уккуйан, албан ньаҕыдыйбыт ыалыгар ааһар былыт албаһынан атах кырааскаланан, көтөр былыт көлдьүнүнэн көҕүс түүлэнэн көтөр күнэ буолла. Эрилик Эристиин.

Этиилэр

Албан уккуй (алкый) көр албан II

  • Аат ааттыыргар, Албан уккуйаргар Атыыр өттүттэн Арбатан көрөөр.
    П. Ойуунускай
  • Албан уккуйа, Ырыа ыллыы, Тойук туойа, Кэс тылын кэпсии, Аман өһүн амалыйа Олорбут эбитэ үһү. Күннүк Уурастыырап

«У» буукуба