ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кубулут

туохтуур

Нууччалыы побуд. от кубулуй= 1) превращать, обращать что-л. во что-л

1 этии #

  • кубулуй 1, 2 диэнтэн дьаһ. туһ. Дьахтары кыһыл көмүс биһилэх гына кубулуппут. ПЭК СЯЯ. Батталы бырахтардылар, Үктэли үрэттэрдилэр, Куһаҕаны кубулуттулар, Дьоллоох олоҕу туругуртулар, Кэскиллээх олоҕу киэргэттилэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Мин сааһым тухары таҥараны итэҕэйбитим, ол санаабын, ким да буолтум иһин, кубулутарым биллибэт.
    А. Софронов
  • Бырабыыталыстыба хааннаах сокуоннарынан урукку бааһынайдары улгум оробуочайдарга кубулута сатыыра.
    АЕВ ОҮИ

Этиилэр

Тэппит атаҕын кубулуппат көр атах

  • Туолума төрдүттэн Мырылаҕа, үһүөйэх биэрэстэ сиргэ, Роман тэппит атаҕын кубулуппакка тиийдэ.
    Ф. Софронов
  • Мин оонньуур пьесаларым кэнниттэн, үлэм быыһыгар түүннэри-күннэри тэппит атахпын кубулуппакка үлэлээбитим курдук үлэлии сылдьабын. ЕА НТ. Дуня, көлөһүнүн ырбаахытын сиэҕинэн туора садьыйа-садьыйа, тэппит атаҕын кубулуппакка истэ. КН ТДь

2 этии #

Кубулутан этии - тылы эбэтэр этиини атыннык көһөрөн ханарытан, хоһуйан этии Троп, хоһуйуу - уобарастаан этии: тылы биитэр этиини ханнык эмэ сыһыанынан, маарынныыр өттүнэн атын тылга, атын этиигэ көһөрөн, кубулутан, хоһуйан этии. ВГМ НСПТ

Нууччалыы В переносном, иносказательном смысле (о слове)

«К» буукуба