ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ууллар

туохтуур

Нууччалыы оттаивать, растаивать

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Ириэрэн уута таһаар (хаар, муус туһунан)

Нууччалыы Оттаивать, растаивать (снег, лёд)

  • Муус-муус, бэрт буолларгын, күн-күн тоҕо улларар?
    Суорун Омоллоон
  • Саас, эн миигин күн оҥор: Халыҥ хаары уулларыахпын, Харалдьыгы сылытыахпын, Ньургуһуну нуоҕатыахпын.
    Н. Босиков
  • Кыыдааны тоһутан, кырыаны уулларан Кылбаарар сааскы кэм сандааран таҕыста
    С. Васильев

2 туохтуур #

Ититэн, сылытан тугу эмэ (хол., арыыны) убаҕас турукка киллэр

Нууччалыы Нагревая, превращать из твёрдого состояния в жидкое

  • Хабырыыс уол быыкаайык хобордоох кырыытыгар арыыны уулларан таһааран, балыгын оймоон сиэри тэриннэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Онтоон:] Бу арыыгытын дьэ сарсын уулларыҥ, өйүүҥҥэ-хаһааҥҥа диэри Хонос Мэхээлэ кэлэрэ буолуо, куоракка киллэртэрэн атыылатыллыа.
    Күндэ
  • Аал уоттарын эбии күөдьүтэн биэрэллэр, арыы ууллараллар, онно үрүҥ сылгы сиэлин угаллар, аал уоттарын иннигэр аас олбоҕу тэлгииллэр
    Л. Попов

3 туохтуур #

Үрдүк тэмпэрэ иирэҕэ сырайан, кытардан уһаар (көмүһү, тимири, чугууну уо. д. а.)

Нууччалыы Нагревая под воздействием высокой температуры, делать жидким (серебро, железо, чугун и т. д.)

  • Былыргы саха уустара тыһаҕас тириир күөртэринэн чох уотун күөдьүтэн тимир тахсар тааһын ууллараннар, эҥин араас тимир сэптэри оҥороллор эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Аны кэлэн мин кыһам кытыастыа, мин кыстыгым кыһыл көмүс кыымынан кырбаһыа, көмүһү-алтаны уһаарыа, уулларыа дуо?
    Суорун Омоллоон
  • Мантан чугас, Ковалькан үрэҕэр, булчуттар таастан сибиниэс улларан буулдьа куттар буолаллара
    Н. Якутскай

4 туохтуур #

Кими эмэ уйадыта манньыт

Нууччалыы Приводить кого-л. в умилённое, томное состояние

  • Таптал уота баар дииллэр Таалларар, уулларар итии.
    Суорун Омоллоон
  • Онно [алааска] истибитэ кини [Катюша] ырыатын. Ырыа уйадытар, уулларар, тапталы да таайтарар
    А. Сыромятникова

5 этии #

Нууччалыы Приводить кого-л. в глубокое сердечное волнение из-за охвативших его сильных положительных чувств; приводить кого-л. в умиление

Этиилэр

Сүрэҕин уулларар

кими эмэ туох эмэ үчүгэйинэн наһаа долгутан уйадыт, манньыт Оттон кыыс намыына, наскыла, Килбигэ сүрэхпин уулларар.

  • Ити тыл [хайгыыр тыл] биһиги киһибит сүрэҕин букатын уулларан кэбистэ.
    Н. Заболоцкай
  • Бу маннык, бэйэтин туһугар тимир киһи муус сүрэҕин бүгүн туох ууллардаҕай? Н. Павлов

«У» буукуба