ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чугуун

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы выплавленное из руды железо, чугун. [Слепцов] сиэбиттэн элэйбит чугуун хаппахтаах үрүҥ көмүс сыаптаах улахан чаһытын ылан көрөр

1 аат тыл #

Тимир болгуотуттан уһаарыллыбыт, ыстааллааҕар кэбирэх, таптайыллымтыата кыра хатан тимир

Нууччалыы Выплавленное из руды железо, чугун. [Слепцов] сиэбиттэн элэйбит чугуун хаппахтаах үрүҥ көмүс сыаптаах улахан чаһытын ылан көрөр

  • Хара металл диэн тимир уонна кини холбоһуктара: чугуун, ыстаал. СМН АҮө. Элэктэриичэскэй оһоххо чугууну ууллараллар уонна онно саамай көннөрү кыра углероднай ыстаал көөбүлүн эбэн баран, булкуйан биэрэллэр
    ДьДьДь

2 аат тыл #

Оннук тимиртэн оҥоһуллубут күөс буһарар иһит

Нууччалыы Котёл, изготовленный из железа, выплавленного из руды

  • Остуолга кэлэн, тэриэлкэ сабыылаах чугууну арыйан, өҥөйөн көрдө.
    А. Сыромятникова
  • Сиэнэ Юра уол оһоххо турар чугуун диэки кылап гына көрөн кэбиһэр.
    А. Фёдоров
  • [Давыдов] чугуунтан куруусканан уу сомсон ылан иһэн кэбистэ. М. Шолохов (тылб.)
Өссө холобурдар (4)
  • Аана аһыллан турар томороон чугуун оһох утары кытыаста тоһуйда.
    Амма Аччыгыйа
  • Чоҕунан итийэр чугуун өтүүк, бүгүн киэһэ баҕас, икки дьиэнэн таскайданан, туттулла түстэ быһыылаах.
    С. Маисов
  • Оһох үрдүгэр кыра чугуун хобордооххо эт соркуойа буһан сып-сырылас. БИ С
    Т. Ср
  • уйг. чөгүн ʽчугунный кувшинʼ, русск. чугун

3 даҕааһын #

суолт. Чугуунтан оҥоһуллубут (хол., иһит)

Нууччалыы Чугунный (напр., посуда)

«Ч» буукуба