ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

болгуо

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы железные болванки, получаемые путем сплава руды древними якутскими кузнецами

I

1 аат тыл #

, эргэр. Былыргы саха уустара уруудаттан уһааран ылар тимирдэрин сомоҕото (кэлбит нууччалары хаачыстыбата ураты үрдүгүнэн сөхтөрбүтэ)

Нууччалыы Железные болванки, получаемые путем сплава руды древними якутскими кузнецами (удивившие первых русских своим высочайшим качеством)

  • Ол сымара таастан ыстаал болгуо тахсан кэлэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Балтаһыттар ыһыынан болгуону бысталыыллар. “
    ХС
II

2 даҕааһын #

Халыҥ, томороон быһыылаах, көһөҥө

Нууччалыы Массивный, внушительного размера

  • Болгуо таас.
  • Болгуо мууһу кумалаары саас иһэр
    И. Гоголев
  • Кыайан хамсаппат, тутуннарбат олус халыҥ (таҥас туһунан) Θ Тесный, неудобный (об одежде). Болгуо үтүлүк. Болгуо сон.
Өссө холобурдар (2)
  • Таҥаһым хос-хос буолан болгуота бэрт, кыайан хамсаппат. СГФ СК
    Т. Тэҥн
  • бороҕой

«Б» буукуба