ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

боруоба

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы материал в натуре, образец чего-л

Ис хоһооно · 4
I

1 аат тыл #

көр боруобалааһын. “Тимир көлө” боруобатыгар чугастааҕы нэһилиэктэртэн кытта оҕотуттан улаханыгар тиийэ бэрт элбэх киһи мунньустубута. “Кыым”

2 аат тыл #

геол. Чинчийэн, анаалыстаан көрүүгэ туохтан эмэ ылыллыбыт матырыйаал, боруода

Нууччалыы Материал в натуре, образец чего-л., взятый для исследования, анализа; проба

  • Манна чинчийэр сыалынан сүүһүнэн ахсааннаах скважиналары, элбэх шахталары хаспыттар, тыһыынчанан боруобалары ылбыттар. БИ СУу. Былыыгы сүөһүгэ биэриэх иннинэ, ол былыыктан боруоба ылан, лабораторияҕа ыытан, химическэй анаалыс оҥорторуохха наада
    СПА БСТЭА
  • Боруоба сырыы. Боруоба оҥоһук. Боруоба матырыйаал

3 даҕааһын #

суолт. Боруобалааһын быһыытынан оҥоһуллар эбэтэр боруоба буолар

Нууччалыы Делаемый или взятый для пробы; пробный

II

4 аат тыл #

Холбуу уһаарыыга күндү металл ыйааһынынан холбоһук төһө өлүүтүн ылара

Нууччалыы Количественное содержание благородного металла в определенном числе весовых долей сплава; проба

  • “Империал” эбэтэр “эмпэриэл” - кыһыл көмүс манньыат. Боробуота 900/1000. Россияҕа 1755-1917 сс. кута сылдьыбыттара
    Н. Якутскай

«Б» буукуба