ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чой

даҕааһын

Нууччалыы без никаких зазоров, цельный

1 даҕааһын #

Туох да быыһа-арда суох, биир ньыгыл, кэлим, биир килэгир (туох эмэ кытаанаҕы этэргэ)

Нууччалыы Без никаких зазоров, цельный (о чём-л. твёрдом)

  • Кэтириинэ чой курдук буор чааскыны ылан остуолга уурар.
    Эрилик Эристиин
  • Кинээс -- чой курдук сүүһэ тиритэн килэбэчиҥнээтэ.
    А. Фёдоров
  • Түптэлэс тымныыга тохтуом да – тоҥуоҕум, Турбутунан чой муус остуолба буолуоҕум.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Куорат туруохтаах сирэ олус табыгастаах, ньыгыл чой таастан турар
    Кыым

2 даҕааһын #

Ону-маны ырыҥалаабат, тугу да ылыммат, аҥала

Нууччалыы Бестолковый, тупой, глупый

  • Кини -- утары көрбөт, чой кулут буола илик киһи, үлэ көлөтүн курдук хаһыы улаханынан, охсуу күүһүнэн түргэтээбэт.
    Амма Аччыгыйа
  • [Кока:] Тугу да өйдөөбөппүн. [Сахаар:] Дьэ, үчүгэй да чой киһигин доҕор.
    Суорун Омоллоон
  • Пилоттар, дьэ, чой дьон буолан биэрдилэр, букатын өйдүү сатаабаттар. А. Кривошапкин (тылб.)

3 этии #

Нууччалыы Дубовая голова, чугунный лоб

Этиилэр

Чой орой (бас, төбө)

тугу да өйдөөбөт, ылыммат, акаары Ол биһиги чой оройбут толкуйа диэхтээн, баһа биллэр ини.

  • Ыл, Даарыйа, бу киһини куолаан аһаҕас соҕустук саҥарыах, оччоҕо эрэ бу чой бас өйдүүһү.
    ХС
  • Ону [бэлиитикэни] өйдөөбөт киһи эбэтэр муус сүрэх, эбэтэр чой төбө эрэ буолуон сөп.
    П. Егоров
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. тюрк. чой, шой ʽтвёрдый, окрепшийʼ, тув. тей ʽмакушка (головы)ʼ

«Ч» буукуба