ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыый

туохтуур

Нууччалыы выдёргивать, вынимать, вытягивать что-л. из чего-л

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Тугу эмэ туох эмэ иһиттэн субуйа тардан таһаар, ороо

Нууччалыы Выдёргивать, вынимать, вытягивать что-л. из чего-л

  • Үөлбүт мундуну, үтэһэлэртэн сыыйан ылан, сиэтилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Атыыһыт] Кыыныттан быһаҕын сыыйан Кылбачытан ылла, Кынчаайап хабарҕатыгар аҕалан Кылаанынан уурда.
    С. Васильев
  • Семён Иванович аһыллан турар хаалаах бөппүрүөскэттэн биири сыыйан таһааран уматынна
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

Улахан тыаһы таһаарбакка эрэ биир тэҥник тугу эмэ гын (хол., саҥар)

Нууччалыы Делать что-л. монотонно, однообразно, однозвучно (напр., говорить)

  • Бааса -- тииһин быыһынан сыыйан, нүһэр куолаһынан ыйытта.
    Амма Аччыгыйа
  • Борокуоппай кэпсээнин салгыы сыыйар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ол ортотугар сытыы эрбии тоҥ маһы сыыйар.
    И. Аргунов
Өссө холобурдар (1)
  • Ардах киэһэттэн саҕалаан баран түүнү быһа сыыйбыта. Ч. Айтматов (тылб.)

3 туохтуур #

Туох эмэ устун батыһа бар; элбэх сири кэрий

Нууччалыы Идти вдоль чего-л. (ручья, реки), обойти вдоль и поперёк что-л

  • Хара тыаны сыыйан бараннар тугу да булбакка, сырыылара-сылбалара быстыбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Сөмөлүөт аэродромтан көтөөт, намыһах соҕуһунан Бүлүү өрүһүн таҥнары сыыйар.
    Н. Якутскай
  • Элбэх сүөһү холбоспута, сылгылыын-ынахтыын сыһыы муҥунан сыыйаллар.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Николай Петрович, сыыһа-халты аһаат, уһун синньигэс дэриэбинэни уһаты-туора сыыйда
    С. Федотов

4 туохтуур #

Сөптөөхтөр ахсааннарыгар киллэримэ, тугунан эмэ сирэн туорат

Нууччалыы Отсеять из состава чего-л., производя отбор

  • Аармыйаҕа сулууспалыыртан сыый.
  • [Холкуоска] сыраан, сыылба дьону сылтан сыллар сыыйан суох оҥорон иһэллэр.
    М. Доҕордуурап
  • Ити кэмҥэ сыыйан сүүмэрдээн, сахалары байыаннай үөрэххэ ыытары саҕалаабыттара
    ХС

5 этии #

Нууччалыы Расправлять, вытягивать, растягивать что-л. прямо

  • Сыыйа тарт - тугу эмэ устатын тухары көннөрө тут, ууннар Дьэ, дьикти суол - кэҥээн, сыыйа тарпыт курдук буолан!
    П. Ойуунускай
  • Бытыгын сыыйа тардыммахтаата.
    Амма Аччыгыйа
  • Күөх лиэнтэни сыыйа тарпыт курдук, көҕөрөн көстөр мыраанынан сэлэлэнэн, көҥүлүнэн сүүрүгүрэн түһэр эбээт Өлүөнэ өрүһүм.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. монг. шүүх, бур. шүүхэ ‘цедить’

«С» буукуба