Перевод с якутского
сыыйа
Нууччалыы постепенно, потихоньку
1 #
Эмискэ буолбакка, улам-улам, кыра-кыралаан
Нууччалыы Постепенно, потихоньку (напр., начинать что-л.)
Учаастак, пиэрмэ диэки араҕыстаҕын аайы суол сыыйа кыараан испитэ. Далан Эмиэ сарсыардаттан сыыйа санаа-оноо алдьанан киирэн барда.
Н. ЛугиновСыыйа кыра дүҥүрчээн тыаһа, ырыа иһиллэн кэлэр
Суорун Омоллоон
2 #
Тугу эмэ тардан сыыйар курдук биир кэм сырыынньатык, мөҕүһүннэрбэккэ көнөтүк сыҕарытан
Нууччалыы Как бы вытягивая что-л., мягко, плавно, без резких движений
Оҕонньор икки синньигэс хаптаһыны тэҥнии тутан, кырыыларын үтүлүгүн ытыһынан сыыйа соппохтоото. Амма Аччыгыйа Өксүү умса туттан баран, куолутунан сыыйа соҕус туора дайбаан истэ. Н. Заболоцкай Мааны кыыс сыыйа тэбэн хаамар А. Сыромятникова