ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

буруо

аат тыл

Нууччалыы дым, чад

English smoke

1 аат тыл #

Умайыыттан үөскүүр күл, чох о. д. а. булкаастаах өрө көтөн тахсар ыыс, чаан

Нууччалыы Дым, чад

2 аат тыл #

Ыал, дьиэ кэргэн, туспа хаһаайыстыба

Нууччалыы Семья, отдельное хозяйство

  • Мэкчиргэ аҕатын ууһун сүүрбэ биэс буруо (сэттэ уон биэс дууһа) дьону арааран туспа Төлөй нэһилиэгэ оҥороллор. Саха сэһ. II. Нэһилиэк баайдара, сэниэ ыаллара, баара эрэ сүүрбэттэн тахса буруо, сэттэ сүүсчэкэ күрүө сири апчарыйан олороллор.
    М. Доҕордуурап
  • Ити аата Өлүөнэ биэрэгэр эбилиннэ биир буруо.
    Т. Сметанин
  • Ср. тюрк. пур, бур ‘зола’

3 этии #

Нууччалыы Потерять возможность самостоятельного существования в качестве отдельного хозяйства. [Мукуйук:] Тымныы түстэҕинэ, таһырдьа быгыа суох буолбут дьоммут

Этиилэр

Буруота быһынна көр буруота сүттэ

Сорох ыаллар имири быстаннар, алаһа дьиэлэрэ сабыллыбыт, аал уоттара умуллубут, уһун буруолара быстыбыт. П. Ойуунускай. Алаһа дьиэҕит аана оҥойдун, түннүгэ дьөлүннүн, унаар буруоҕут быһыннын! Н. Якутскай. Ыт Тииһэ Былатыан обургу, төһө өр маннык арҕаспытыгар көҥүл күөдэлгэхтээн, хас ыал буруотун быһаҕын? “ХС”. Буруота сабылынна - туспа ыал буолар тэрээһини кыайбакка, ыал аатыттан ааста (ыал устун барда) Буруобут сабыллыыһы. Күндэ. Оннугар киһи булан баран барыаҕыҥ, мин буруом сабыллыа дуо? А. Сыромятникова. Бугул да оту Муостаахпар тиэйбэт, Буруобун сабар буоллуҥ ээ, нохоо? Эллэй. Тарабукиннар буруолара сабыллара тирээн кэлбитэ. И. Бочкарев. Буруота сүттэ - бары өлөн, утумнуур, ыал буолар ыччата суох буолан, имниин эстэн хаалла.

Умирать, кончаться последним из семьи, не оставив потомства (букв. дым его исчез).

  • Биир баар эрэ ыалбыт, доҕорбут буруота сүттэҕэ ити. Бу күн кини аатынан аһаан-сиэн бүтүөхпүт буоллаҕа.
    Эрилик Эристиин
  • Этэҥҥэ сылдьан, кини оҕолоох-уруулаах дьахтар буолара буоллар, биһиги ийэбит ууһа быстыа суох этэ, оттон кини киһи буолбатаҕына, бары имниин быстабыт, буруобут сүтэр.
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (4)
  • буруо таһаар - туспа бэйэтэ дьаһанан олорор ыал, дьиэ кэргэн буол. Быть, стать самостоятельным хозяином, самостоятельной семьей. Кырдьаҕастар бу Байбал баҕайы киһи-хара буолан эһэтин өтөҕөр дьиэ-уот туттан, буруо таһааран олордоҕо диэхтэрэ.
    Күндэ
  • Аҕаайы баай удьуора, Баҕарыынньа баай сиэнэ, Кубаҕай быыпсай уола Тэрэнтэй кинээс, тиэргэн тэринэн, дьиэ туттан, буруо таһааран олорор.
    Болот Боотур
  • Баабыйдар быйыл да үлэ бөҕөнү үлэлээн, Ньукулайы суохтаппакка бэрт баҕайытык кыстыктарын булан, нус-хас бур-бур буруо таһааран олороллор.
    Р. Кулаковскай
  • Эһэтэ Дэгэйэр Көстөкүүн ыт мунна баппат ыркый ойуурун солоон, кыстык угун саҕа балаҕан туттан, буруо таһааран, ыал буолан олорбута.
    С. Никифоров

Буруота умулунна көр буруота сабылынна

Буруота умулуннаҕа, Өтөхпүт сүттэҕэ! Тэҥнээх сэтигэр киирдэхпит, Холоонноох хоһуутугар холбостохпут. Өксөкүлээх Өлөксөй. Сураҕа түҥүрүгэр Өндүрүйээҥҥэ биэрбит үһү. Бэйэбин, тулаайахтарбын буора суох ыһан, буруобут умуллан, кумалааҥҥа барар күммүт кэллэ. М. Доҕордуурап. Буруотун умуруор - ыал аатыттан ааһар, туспа ыал буолар кыахтарын быс, эс.

Прекращать чье-л. существование в качестве самостоятельного хозяйства (старинное выражение - обычно о шаманах).

  • [Кыһыл Ойуун:] (тура-тура) Оруос Баай суон буруотун Умуруорар оҥоһуулаахпын; Өлбөт үрдүк өрөгөйүн Өлөрөр үрдүк ыйаахтаахпын, Мин үөскүүр үйэ кынатабын, Мин тимир үйэ хахайабын...
    П. Ойуунускай
  • Булкуһа буруолаах - ыкса ыаллыы олорор. Ближайший сосед. Үргүлдьү өтөхтөөх, Тилиһэ тиэргэннээх, Булкуһа буруолаах, Хобул хотонноох, Биир миҥэлээх _ _ уолан киһи баар эбит. Өксөкүлээх Өлөксөй

«Б» буукуба