ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыырдан

туохтуур

Нууччалыы обитать, находить пристанище, укрытие

1 туохтуур #

Элбэхтик сылдьар сир оҥоһун, биир сиргэ тоҕуоруй хорҕой (кыылы-сүөлү, көтөрү-сүүрэри этэргэ)

Нууччалыы Обитать, находить пристанище, укрытие (о животных, зверях, птицах)

  • Элбэх суор үүтээниҥ таһыгар баар буоллаҕына, бөрө ыырдаммытын туоһута.
    И. Гоголев
  • Бэйи, манан кус тоҕо ыырдаммат буолла, дьэ муода.
    В. Титов
  • Бэдэр -- куобах хойуутук ыырдаммыт сиригэр сэмээр үөмэ сылдьан, күлүмэх ойуунан, биирдэ тутан кэбиһэр
    Чолбон

2 туохтуур #

Ханан эмэ, ханнык эмэ сиринэн элбэхтик сырыт, кэл-бар

Нууччалыы Быть местом постоянного проживания, пребывания, обитания

  • Мин тыа сиригэр төрөөн, тиэргэммиттэн тэлэһийбэккэ, өтөҕүм тула ыырданан сааһыран эрэр киһибин. "Сахаада". Онон ырааҕынан ыырданан бултуур эрэ дьон тугу эмэ булан кэлэллэрэ. ОоТС. Манчаары чугас эргин ыырданара буоллар, хайаан да тутуох этибит.
    И. Гоголев
  • Ол түүн өһүөннээхтэрэ ханан ыырданалларын билбитэ уонна өһүн-сааһын ситиһэргэ быһаарыммыта
    С. Тумат

«Ы» буукуба