ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бүкээк

аат тыл

Нууччалыы шалаш, укрытие временное

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Отуу эбэтэр туох эмэ хахха буолар кыараҕас тутуу

Нууччалыы Шалаш, укрытие временное (от солнца и дождя)

  • Ыраах-ыраах үөт быыһыгар бүкээк отуу дьэ көппөйөн көһүннэ.
    А. Сыромятникова
  • Бүкээктэрин муҥунан Бөһүүкэлиир астардаах Бүтэй Бүлүү эбэбит Туттаарытта толоонугар Дьоҕулдьуһа хаамсыаҕыҥ
    С. Васильев

2 аат тыл #

Түптэ күрүөтэ

Нууччалыы Изгородь для дымокура

  • Унаар түптэ олохсуйда, Тоҕус тиит мас хараҕалаах Торум сэлэ тиирилиннэ, Сатыы бүкээк саайылынна
    Саха фольк

3 аат тыл #

түөлбэ. Отуу курдук талаҕынан, титиригинэн хатайдаан туппут кыһыҥҥы бүтэй дьиэ

Нууччалыы Зимнее жилище, построенное как шалаш, переплетом мелких лиственниц или тальника

  • Куула тыаттан талах бөҕөнү быһан, көтөҕөн аҕалан, үчүгэй баҕайы гына бүкээк отууну оҥоро оҕуста . “
    Чолбон

4 аат тыл #

түөлбэ. Сыарҕаҕа, холобур, оҕону олордорго аналлаах талахха тиириллибит бүрүө, кибииккэ

Нууччалыы Крытые нарты с верхом, из тальниковых дуг, натянутым на остов

  • Анньыыс сыарҕаҕа тиэллиэн иһэр таҥаска бүкээк оҥорон баран, онно олордотулаата уонна телегрейкалары холбооттоон онон сабыталаата. Дьолбут к

«Б» буукуба