Перевод с якутского
сибиэн
аат тыл
Нууччалыы по суеверным представлениям, знак подаваемый злым духом, чертом людям о своём присутствии; тени злого духа, черта
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Итэҕэл өйдөбүлүнэн, абааһы, иччи тугунан эмэ киһиэхэ, дьоҥҥо биллиитэ
Нууччалыы По суеверным представлениям, знак подаваемый злым духом, чертом людям о своём присутствии; тени злого духа, черта
Эйээндьэ эмээхсин киирэ сылдьан: "Дьиэҥ сибиэнэ суох дуу? Мотуоһа өлөр буолан дуу, дьоннор бу дьиэ туһунан куһаҕаннык кэпсиир этилэр ээ!" – диэбитэ. Болот Боотур [Ыттар] аанньаҕа үрүөхтэрэ дуо, сибиэни билэн кыыллара турдаҕа. Далан [Хаппытыан] Бүөтүр оҕонньор көнньүөрдэҕинэ: "Сэриигэ өлбүттэр таҥараҕа быһа көтөллөр, сибиэн буолбаттар үһү!" – диэн этэр тылын өйдөөн кэллэ А. Сыромятникова
2 аат тыл #
Туох эмэ буолар илэ бэлиэтэ, чинчитэ, куттала
Нууччалыы Явные признаки, примета наступления чего-л. (большей частью о чём-л. бедственном, грозном), призрак
Үүннэ саҥа көлүөнэ, Саҥа эрэл, саҥа таптал, Арай сэрии сибиэнэ сүтэ илик саҕахтан. И. Гоголев Силлиэ тоҥ туундараҕа Хас күн уһуо биллибэт, Эйигин тибии, буурҕа Ханна тиэрдиэ биллибэт. Онон силлиэ сибиэнэ Миигин олус куттаата. С. Данилов Киһи аймах дьиксинэр Өлүү тымныы сибиэниттэн, Акыйаан уҥуор иһиллэр Ядернай сэрииттэн. В. Сивцев
Өссө холобурдар (1)
Кинилэр иннилэригэр сутааһын сибиэнэ саба барыйан турара, оттон ыамалара им балайга өй-мэйдээҕи тулуппакка ытаһаллара. М. Горькай (тылб.)
3 аат тыл #
көр сибики. Майаҕатта бэйэтэ атын улуустар дьоһуннаах бөҕөлөрүгэр ааттаан бардаҕына, иһэр сибиэнин билээт, атахтара тиийиэҕинэн куотан эрэ биэрэллэрэ үһү. Саха сэһ. 197
4 аат тыл #
Күһүн сибиэнэ биллэн барбыта. Атырдьах ыйын ортотуттан хаһыҥнаабыта. И. Федосеев.
Этиилэр
Иннибин-кэннибин кэтиибин
Кыыһым баар сибиэнэ биллибэт.
Н. Габышев
5 аат тыл #
үөхс. Үөхсүүгэ "илэ абааһы" диэн суолталаах
Нууччалыы Как бранное слово имеет значение "сущий чёрт, дьявол". [Бааһырбыт үрүҥ саллаат:] "Ити кыһыл сибиэни ким кыайыан!
Ким кыайан тохтотуой! Оо, кытаанах дьүһүн! Оо, кыырыктаах дьүһүн!"
П. ОйуунускайБандьыыт кыһыл сирэйэ Былыттыы баланыйда: "Чэйиҥ, кыһыл сибиэннэри Уоттуу тардыҥ, бырааттар!" И. Гоголев Ср. эвенк. сэвэн ‘деревянный идол, изображавший духа-помощника шамана’