Перевод с якутского
сутаакы
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы исхудавший, истощённый (о скоте). [Аллараа дойдуга] Сутука хара Сутаакы бэйэлээх Сут-бээгэй торбостоох эбиттэр
1 даҕааһын #
Аһылыга суох буолан, олус ырыган, быстар көтөх (сүөһү туһунан этэргэ)
Нууччалыы Исхудавший, истощённый (о скоте). [Аллараа дойдуга] Сутука хара Сутаакы бэйэлээх Сут-бээгэй торбостоох эбиттэр
Онтон-мантан сутаакы сүөһү курдук үнүөхтэһэн, сирэйдэрэ эргэ тордох буола дьүдьэйбит-дьаакырбыт дьон мустубуттара. А. Сыромятникова Аччык, ырыган, сутаакы сибиинньэлэр ханнык аанньа төрүөҕү биэриэхтэрэй? В. Протодьяконов
2 аат тыл #
суолт., эргэр. Аһа-үөлэ суох буолан өлөөрү гыммыт киһи; олус дьадаҥы киһи
Нууччалыы Человек, истощённый, измождённый голодом; очень бедный человек
Мин аспар-үөлбэр туора тотоҥҥут арахсыбыккыт буолбат дуо. Аны эһигини, сутаакылары, кытары кэпсэппэт да инибин. А. Софронов Бука, элбэх сутаакылар, дьаарайа дьадайбыттар, мээрэй бурдукка тиийэ соролоһор умнаһыттар Амма быйаҥынан өллөйдөнөн -- элбэхтик быыһаммыттара-өрүһүммүттэрэ буолуо ХС