Перевод с якутского
харыс
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы драться; бодаться
English to fight, to butt heads
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
Нууччалыы драться; бодаться
English to fight, to butt heads
икки күүс харсар две силы борютсяtwo forces are fighting
2 туохтуур #
Нууччалыы расходиться
English to part ways
3 аат тыл #
Нууччалыы забота; защита
English care, protection
4 туохтуур #
Муос муоска түсүһэн киирис, кэйис (үксүгэр атыыр оҕус туһунан)
Нууччалыы Биться рогами, бодаться (обычно о быке)
Баай тыа киэн туттуулара – Икки сүүлбүт атыыр тайах Харсаллар киил быччыҥнара Күүрэн, муос лачыгырайа. И. Гоголев Убаай, ол оҕустар харсан эрэллэр Н. Заболоцкай
5 туохтуур #
Кими-тугу эмэ кытта күөн көрүс, охсус, сэриилэс
Нууччалыы Сталкиваться с кем-л., сопротивляться кому-л., сражаться против кого-чего-л
Алыс көссүөтүйэр атаҕастабыллаах эбит. Үтүө дьыала иһин харсан да кээстэххэ туох баарый?
Н. ЛугиновХаллааҥҥа өстөөх биистиин Гастелло харсар, Хаанымсах, хара күүстэн Бииртэн биир умсар. Эллэй. Манна мин күн ахсын дьону кытары көрсөбүн, суох, харсабын, диэххэ сөп. ХС Ср. ДТС харыш ‘сходиться для состязания, битвы; сражаться’, нен. хавдорць ‘бодать’
6 аат тыл #
Урукку уста кээмэйэ: киһи тарбахтарын атыччы баттаан ууннары тутуталаатаҕына эрбэҕин төбөтүттэн орто тарбаҕын төбөтүгэр диэри ырааҕа
Нууччалыы Мера длины, равная расстоянию между кончиками вытянутых до отказа большого и среднего пальцев, пядь
Былыргы киһи быһаҕа уһун буолар, икки харыска тиийэр. Саха ост. II. Хара сукунанан сабыллыбыт остуол кытыытыгар Сыллай икки өттүнэн биилээх балтараа харыс уһун кынчаалы килбэҥнэтэн көрө олорор. Амма Аччыгыйа Бөҕө Бүөтүр ыстаанын ньыппарынан баран, ууну кэһэ сылдьан биэс харыстаах элитиэпкэ хотуурунан тэлэйэ далайан охсо сылдьара В. Протодьяконов
7 этии #
Харыс үрдээ кэпс. – санааҥ көтөҕүллэн үөр-көт, эрдий, эрчимир Кыра да кыайыыҥ хайҕанан харыс саҕа үрдүү түһэриҥ тыа муҥкук оҕотугар улуу үөрүү буолара. Болот Боотур. Онуфрий дьон эргиччи үтүө сыһыаныттан сүргэтэ көтөҕүлүннэ, харыс үрдээтэ. Р. Баҕатаайыскай. Үс сүүс миэтирдээх сиргэ сырсыыга Сытыы Испиэн бастаан, харыс үрдүү түстэ. В. Протодьяконов.
Нууччалыы Воспарить духом, окрылиться, воодушевиться (букв. становиться выше на большую пядь)
Этиилэр
Харыс хаал, сүөм түс
сүөм түс (намтаа) диэн курдук (көр сүөм).
Дьиҥ-чахчы албынын билэн, Харыс хаалан, сүөм түһүнэн, Халтыр үктээн төннүбүтэ. Күннүк Уурастыырап [Баайдарбыт-бастаахтарбыт] киҥнэрэ-наардара холлон, харыс хаалан, сүөм түһэн олороллор. А. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Билигин матырыйаал кэмчилээһининэн сибээстээн миигин хаарыйыа диэн Васильев, харыс хаалан, сүөм түһэн, сүүһүттэн тымныы көлөһүн тахса олордо. ХС
Харыс да ‹сири› хаамтарбат көр хаамтар
[Маня:] Кыһыыта бэрт. Маамабыттан кыһыйабын. Букатын кыра оҕо курдук саныыр. Бэйэтиттэн тэйитиэн, харыс да сири хаамтарыан баҕарбат. С. Ефремов Мылайбыт мап-маҕан, Быыкайкаан барахсан, Харахтыын мичээрдии-мичээрдии, Харыс да хаамтарбат буолла дии. Ф. Софронов
Харыс халбарыйбакка
ханна да тэйбэккэ, барбакка.
Не отходить ни на шаг.
Кини хоту муустаах байҕал эҥэриттэн харыс халбарыйбакка, кырдьан буорайан, бу орто дойдуттан баран эрэрэ. И. Федосеев Настаабынньык Семён Гаврильевич дьонуттан харыс да халбарыйбакка, барыларын кытта бииргэ сылдьыбыта. АҮ. Тыа сиригэр, харыс да сири халбарыйбакка үөскээбит оҕоҕо соҕуруу дойдуга үөрэнэ барыы олус кытаанах уонна кыаллыбат суол курдуга. "ХС"
8 этии #
Нууччалыы Мера длины: равная расстоянию между кончиками растянутых большого и среднего пальцев
Этиилэр
Ыллар харыс
уста кээмэйэ: эрбэх төбөтүттэн орто тарбах төбөтүгэр диэри уһуннаах Чаппа уола Мэхээлэ: "Син тып курдук буолсукка холуйа сылдьабын.
Сиэллэҕинэ, балтараалыы ыллар харыһы хардарар" [соноҕос туһунан]. Амма Аччыгыйа Ср. ДТС харыш ‘пядь (мера длины)’
9 аат тыл #
Сүрүргээн эбэтэр сэрэнэн тугу эмэ оҥорортон туттунар санаа, бэйэни кыатаныы, туттунуу
Нууччалыы Воздержание от чего-л. лишнего, пагубного, следование каким-л. показаниям ради кого-чего-л. (напр., ради сохранения здоровья)
"Эмтэнэн баран харыс бөҕөнү тутуһуохтааххын, оччоҕуна эрэ эмиҥ тиийиэҕэ", – диэтэ эмчит. Ким эрэ дьиэ туттунаары таһынан сытыарар кур бэрэбинэлэригэр кутаа уоту оттон уһуутаттылар. Туох харсай аны кэлэн! Амма Аччыгыйа
10 этии #
Этиилэр
Харсыттан тахсыбыт көр таҕыс
[Бодойбоҕо] Харчыга хараҥаран, Харыстарыттан таҕыстылар, Хабараан майгытыйдылар.
Өксөкүлээх ӨлөксөйБыраатын Баһылайы фашистар өлөрбүттэрин кэнниттэн Сүөдэр харсыттан тахсан хаалбыта. ХС
Өссө холобурдар (1)
Харсыттан тахсыбыт киһи өһү ситиһэригэр сааттан-сууттан чаҕыйыа суохтаах. С. Курилов (тылб.)
11 этии #
Нууччалыы Слово, заменяющее другое, которое по каким-л. причинам неудобно, нежелательно или запрещено произносить (следуя канонам верования, обычая народа), эвфемизм
Этиилэр
Харыс тыл
итэҕэл, сиэр-туом быһыытынан сирэйинэн ааттыыры, этэри тумнар туһугар туттуллар тыл Алаас, сыһыы диэн топонимнары быһаарарбар харыс, ыарахан ааттар тустарынан суруйбутум.
Багдарыын Сүлбэ. Күөллэрин харыстаан, ытыктаан дьиҥнээх аатынан хаһан даҕаны эппэттэр. Харыс тылынан үрдүттэн "эбэ" дииллэр. А. Бродников Ср. ДТС хоры ‘оберегать, охранять’, п. -монг. харас ‘заступаться, охранять, оберегать, защищать’