Перевод с якутского
охсуһуннар
Нууччалыы чокаться
1 #
охсус диэнтэн дьаһ. туһ. Бөтүүктэри охсуһуннар. [Арыгы] Эйэлээҕи кытта этиһиннэрэр, Кэргэни кытта киҥнэһиннэрэр, Ойоҕу кытта охсуһуннарар. Өксөкүлээх Өлөксөй. Баһырҕас кууруссалары охсуһуннарбат, сүөһүлэри харсыһыннарбат. КНЗ ОО
2 #
Үрүүмкэлээх арыгыны иһиэх иннигэр бэйэ-бэйэлэрин кытта таарыйан тыаһат
Нууччалыы Чокаться
Үрүүмкэлэрин охсуһуннаран баран арыгыларын иһэн кэбистилэр. Былааһап ыстакаан ылан, утары олорор Сэтэлээхтиин охсуһуннарда. Е. Неймохов Мэхээс арыгылаах ыстакааны охсуһуннараары уол диэки уунна ХС
3 этии #
Этиилэр
Илии охсуһуннар - көр илии
Тылларын тамаҕыттан иһиттэххэ, арааһа дьонуҥ илии охсуһуннарыы арыгытын испит курдуктар. Далан Маннааҕы кыыс Кэлэҕэйгэ тэҥэ суох үчүгэй оҕо. Киниэхэ эргэ тахсыан баҕарбат, ол үрдүнэн аҕата, ийэтэ саба баттаан, бу саас илии охсуһуннарбыт сурахтаахтара. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
Саарбалаах уола, кырдьык, элэк оҥостубат эбит. Илии охсуһуннара кэлбиттэр. "ХС"