Перевод с якутского
аармыйа
аат тыл
Нууччалыы армия
English army
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Нууччалыы армия
English army
аттаах аармыйа конное войскоmounted army
2 аат тыл #
Судаарыстыба сэриитин күүһэ; байыаннай сулууспаҕа сылдьар сэрии дьоно (уопсайынан түмэн этэргэ)
Нууччалыы Вооруженные силы государства, армия; армейские военнослужащие (в совокупности)
Аармыйаҕа сулууспалаа. Ити оҕо манна бостууктуур, биһиэхэ олорор. Хайа, аны күһүн аармыйаҕа ылаллара буолуо, онуоха диэри дьонугар көмөлөһөр. Далан Кини аармыйа олоҕор хайабытыттан да дөбөҥнүк үөрэммитэ, хайабытынааҕар да урут ситэн-хотон, эр киһиэхэ кубулуйа охсубута. Софр Данилов
3 аат тыл #
Сэрии дьоно
Нууччалыы Вооруженные люди, войска
Ыраахтааҕы Уот Уһутаакы тахсар күнүгэр аармыйатын мунньан, муора кытыытыгар тоһуйбут. Саха фольк Биэрэккэ кэлбиттэрэ туохха да холооно суох, халыҥ өрөһө былыт курдук, эриэн кыыл аармыйата биэрэги манаан турар эбит. Саха ост. II. Манна ол туундара дойдуга эмиэ туох аармыйата кэллэҕэй? Н. Якутскай
4 аат тыл #
Туохха эрэ биир сиргэ мустубут олус элбэх дьон
Нууччалыы Скопление большого количества чем-то объединенных людей
Сухалаах, тараахтаах аармыйа Биэрэстэ сиринэн субуйбут. Үлэни дьаһайар Даарыйа барытын учуоттаан суруйбут. Эрилик Эристиин Халыҥ аармыйа [муҥхаһыттар] халҕаһалыы аста, Хаайда балыгы кыараҕас иигэ С. Тарасов
5 аат тыл #
аарбыйа диэн курдук. Эт мэйиилээх эймэниэн курдук, сүүс сүгүлээнэ, аармыйа араллаана манна буолбут эбит. П. Ойуунускай