ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тал

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы выбирать; отбирать

English to choose, to select

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы выбирать; отбирать

English to choose, to select

  • үчүгэйи тал
    выбери хорошийselect a good one
  • сиэмэни тал
    выбери семяchoose a seed

2 туохтуур #

Нууччалыы избирать

English to elect

  • делегаттары тал
    выбрать делегатовelect delegates

3 туохтуур #

Элбэхтэн хайатын, төһөтүн эмэ араар, арааран ыл

Нууччалыы Выбирать, отбирать лучшее из множества

  • Отут уйула суох Ордук саһылла талан Улахан бэрэмэдэйгэ уга тарт!
    А. Софронов
  • Кини, үлэлээн аралдьыйаары, энньэтигэр анаммыт ынахтарыттан түөрт саамай көрсүө ынаҕы талан ылан ыыр идэлэннэ.
    Н. Якутскай
  • Бурхалей биэс киһини талан ылан баран, булуллубут сирдьит киһини иннигэр бастатта
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Сөбүлээбиккин ыл. Θ Избрать то, что по нраву (по душе, по сердцу), выбрать понравившееся. Тарбаххынан талан, сүрэххинэн сөбүлээн, хараххынан хайҕаан ыл (өс хоһ.). Мин кыргыттарбыттан талан, сөбүлүүргүн көрөн ойох ылан, атас-доҕор оҥостон, киһи-хара, ыал буол!
    Саха фольк
  • Харахтаах хайгыыр, сүрэхтээх сөбүлүүр, Тарбахтаах талар, Нарын үтүө дойду буолан Намылыйан таҕыста. Нор. ырыаһ

4 туохтуур #

Ханнык эмэ дуоһунаска кими эмэ быыбардаа, куоластаа

Нууччалыы Избирать кого-л. на какую-л. выборную должность

  • Иккис сылыгар холкуоһа биэс уон хаһаайыстыба буолбутугар [Кууһуманы] бэрэссэдээтэлинэн талбыттара.
    А. Софронов
  • Мунньах бэрэссэдээтэлин уонна суруксутун талар мөккүөр турда
    Амма Аччыгыйа
  • Аҕыйах сылынан талбыт ынаҕы, оҕуһу булуохтара.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Атыыр үөрүн соруйан эккирэтэн баран, кэнниттэн тэмтэһийэн кэлэн, талбыт кулунун кутуругуттан харбаан ылан, ыыппакка тутан турар.
    М. Чооруоһап
  • Бастыҥ атыыһыкка буоллаҕа дии талбыт табаар, Үрдэтэн эттэххэ, өлбөт-мэҥэ уута эрэ суох. Күн Дьирибинэ. Бу дойдуга хайа талбыт бурдукка хайа талбыт сир баар
    С. Ефремов

5 туохтуур #

Типэгирээпийэҕэ тиэкиһи илиигинэн нобуордаа

Нууччалыы Делать набор текста вручную

  • Типэгирээпийэҕэ нобуорсук буолан, сибиниэс буукубаларынан "Кыым" матырыйаалларын талара. Софр
    Данилов
  • Ким тугу сатыырынан талбытынан күөстүөн сөп. Үс аһылыкка оросчуоттаан тиэрдиэхтээх эрэ.
    Н. Лугинов
  • Арыт илиилэринэн, арыт атахтарынан, талбыттарынан хаамаллар.
    Э. Соколов
Өссө холобурдар (1)
  • Мантан антах итинник, бэйэлэрэ талбыттарынан бас-баттах дьаһаныыларын таһаарбаттарыгар сэрэтэргэ диэн дьүүлгэ кэлбиттэр
    Г. Колесов

6 туохтуур #

Талбыт ф-ҕа, даҕ. суолт. ханнык баҕарар, хайа баҕарар

Нууччалыы В ф. прич. талбыт: какой угодно; любой, лучший

7 туохтуур #

Талбытынан ф-ҕа: хайдах баҕарар; хайа баҕарар

Нууччалыы В ф. талбытынан в знач. нареч.: как угодно; как им (ему) хочется (делать)

8 этии #

Нууччалыы Быть на верху блаженства. – Ол киһи төһө бэркэ сылдьарый? – Таҥара талбыта

Этиилэр

Таҥара талбыта

туох да кыһалҕата суох өрөгөй үрдүгэр (сырыт) М.

  • Доҕордуурап

9 этии #

Нууччалыы Если предположить худшее

Этиилэр

Куһаҕанын таллахха

табыллыбат, куһаҕан өттүн сабаҕалаан эттэххэ Куһаҕанын таллахха, итинник саҥара сылдьаргын истэн, биир эмэ өһүөннээх санаалаах баайсан да туруон сөп.

  • Н. Заболоцкай.

Талар бэрт

ураты, муҥутуур үчүгэй.

Отменно, прекрасно.

  • – Кэпсээниҥ, хайдах олордугут? – Талар бэрт. Дьуон Дьаҥылы. Саҥа аллайыы: "Талар бэрт! Дьоһун!" Дьуон Дьаҥылы.

Талбыт курдук

олус үчүгэй, эҥкилэ суох.

Превосходно (во всех отношениях).

  • Маҥнай наадабын бүтүннүү хааччыйдылар. Барыта талбыт курдук үчүгэй.
    Н. Лугинов
  • Талбыт курдук олороммут Налбыһахтан баай сиэри, Эргэ биэрэ охсоммут, Ити буолан таҕыстаҕа.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Др. -тюрк. талула, тюрк. талда, талла

«Т» буукуба