Перевод с якутского
былдьаа
туохтуур
Нууччалыы отбирать; лишать; удалять
English to take away, to deprive, to remove
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Нууччалыы отбирать; лишать; удалять
English to take away, to deprive, to remove
оҕо оонньуурун былдьаа отобрать у ребёнка игрушкуto take a toy away from a child
2 туохтуур #
Нууччалыы отнимать; лишать; удалять
English take away, deprive, remove
3 туохтуур #
Кимтэн эмэ тугу эмэ биэрбэтин да үрдүнэн күүс өттүнэн ыл
Нууччалыы Отнимать у кого-л. что-л. силой
Былааһы былдьаа. Сири былдьаа. Микиитэ төһө да былдьаабыттарын иһин бэйэтин сиринэн ааҕарын уураппатах чуумпу “Дулҕалааҕын” ахтыбыта. Амма Аччыгыйа Да, бэрт сөпкө эттиҥ... Румыннар 1918 сыллаахха Бессарабияны күүстэринэн былдьаан ылбыттара. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
Тугунан эрэ баайсан, көхөлөһөн, куорат суутунан эргитэн, биһиги ходуһабытын былдьыырга дьүүл таһаартарбыта. “ ХС
4 туохтуур #
Суох оҥор, алдьат, буортулаа; үрдүнэн халый, сап, ыл (айылҕа алдьархайын туһунан)
Нууччалыы Затоплять, заливать; уничтожать, испортить (о стихийном бедствии или явлениях природы)
Мунньуубутун ардах былдьаата. Ходуһаны уу былдьаан сытар. Үрдүк сир отун аһыҥа былдьаата. Кутаа уот “Балаҕаннары былдьыыһы”, - диэн хаһыытаһыы буолла. Амма Аччыгыйа Ону даҕаны син биир аһыҥа былдьаабыта. И. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Түөрт сыл устата үлэлээн, бадараан былдьаабыт сирин босхолоон, балачча элбэх ходуһа эбилиннэ П. Егоров
5 туохтуур #
Төһө эрэ миэстэни ылан тур (туох эмэ олус улахан эбэтэр олус кыра туһунан)
Нууччалыы Занимать место (о чем-либо большом или очень маленьком)
Арай Дьыбаан орону дьылҕалаан, Быһаҕаһын былдьыыр, Онно олорон баран турбат, ааҥнаан баран арахпат.
Өксөкүлээх Өлөксөй[Дьэкиим:] Син-биир барыбыт өллөхпүтүнэ, бото сөрүө саҕа сиртэн ордугу былдьыахпыт суоҕа А. Софронов
6 туохтуур #
Өлөр, тыыныгар тур
Нууччалыы Убить, лишить жизни
Ыттаах эһэ, хайалара хайаларын эккирэтэрэ биллибэт гына, дьиэни тула силиччэхтэһэр тыастара иһиллэр. “Аны ыппын былдьыаҕа”, - дии санаан ылаат, Бүөтүр, түннүгүнэн кэтэстэ. Р. Кулаковскай Хайаны хайа солоон түһэр күүстээх өрүс бассабыык, гражданскай сэрии хорсун буойунун, кыһыл хамандыыр Андрей Бранков Стоянович сырдык тыынын былдьаабыта. П. Филиппов Куурай кытыыга үүммүт уһун оттортон бобута харбаһан кытыыга оронон тахсан, кинини тимирдэн былдьыы сыспыт адьарай хоруутуттан тэйэн куота охсордуу, кэннинэн сыылаҥхайдаабыта П. Аввакумов
7 туохтуур #
Иэс ылан баран эбэтэр хаартыга сүүйтэрэн баран биэримэ
Нууччалыы Не отдавать проигранные в карты или взятые в долг деньги. [Ньукулай:] Иэс буолумуна, туохпун билигин быһа тардан биэриэмий, куттанымаҥ, төһөнү да сүүйтэрдэрбин, былдьыам суоҕа
[Кулуба:] Бэйэтэ билигин төһө эмэ үппүн сиэн сылдьар. Ону былдьаары сордонор быһыылаах да, бэйи көрөн иһиллиэ. Н. Неустроев П. -монг. булийа