ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таһаар

туохтуур

Нууччалыы вытаскивать; удалять; вынимать

English to pull out, to remove, to take out

Ис хоһооно · 18

1 туохтуур #

Нууччалыы вытаскивать; удалять; вынимать

English to pull out, to remove, to take out

  • квадракка таһаар
    возвести в квадратto square

2 туохтуур #

Кими-тугу эмэ иһирдьэттэн таһырдьа эбэтэр кыараҕастан киэҥҥэ баар гын, илт

Нууччалыы Выносить, выводить кого-что-л. откуда-л

  • Ийэм сууйуллубут ырбаахыны таһааран күрүө маһыгар куурда ыйаата.
    И. Гоголев
  • Эйигин оптуобустан таһааран кэбиһэргэ сөп. Оптуобус иһигэр айдааны тардаҕын.
    Амма Аччыгыйа
  • [Сүөкүлэ:] (хостон сыттык таһаарар) Иван Степанович, ыл, ити дьыбааҥҥа сынньана түс.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Кини түүн күрүүр кыаҕа суох: түүн таһырдьа таһаарбаттар, аан барыта хатыылаах
    Н. Павлов

3 туохтуур #

Тугу эмэ туох эмэ иһиттэн хостоо, ороо

Нууччалыы Вынимать, извлекать что-л. откуда-л

  • Сиэбин хастан-хастан тирии кумааһынньыгын таһаарда.
    Амма Аччыгыйа
  • [Кэтириис:] (хоонньуттан суулаах таҥаһы таһаарар) Бу кэһиибин ырбаахы таҥаһа аҕаллым.
    С. Ефремов
  • Үрүҥ бэргэһэлээх киһи сиэбин хастан улахан хамсаны таһааран табах уурунна
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (5)
  • Туох эмэ баар, баар буолуохтаах сириттэн, таска быктар. Θ Выставить, высунуть что-л. наружу. [Аҕабыт] кэнниттэн оҕолор тылларын таһаара, сутуруктарынан дугдуруйа хаалаллар.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэнниттэн доҕоро Түргэн [ыт аата] тылын таһааран баран, адьас хаалбакка батыһан иһэрэ
    Суорун Омоллоон
  • Бэйэҥ искиттэн, бэйэҕиттэн тугу эмэ таска бычыктат, үтэйэн таска гын. Θ Выпускать, выдавливать что-л. изнутри (напр., слёзы, кровь). Онуоха уола, үгүс саҥата суох, батыйатынан эмээхсини быһа түспүт, тобугун быһа быраҕан, хаан таһаарар.
    Саха фольк
  • Киһитэ табаҕын буруотун сыыйан таһаара-таһаара, кыыс уурбут суруктарын ааҕа олордо.
    А. Софронов
  • Киниэхэ кутуллан киирбит үөрүү хараҕын уутун ыган таһаарбыта
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Кими-тугу эмэ алларааттан үөһэ диэки сыҕарыт, үөһээ баар гын

Нууччалыы Перемещать наверх, поднимать кого-что-л

  • Тииккэ моҕотойу таһааран баран, ону тула сүүрэн-көтөн омуннурабыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Табалаахтар табаларын чэлгиэн хайаҕа таһаараллар, бырдахтан куоталлар.
    Н. Якутскай
  • Тэлигириэйкэ кэтэн булуустан муус таһааран уһаакка таста
    Н. Габышев

5 туохтуур #

Сыыһа туттан уҥуох сүһүөхтэринэн холбоһуутун оннун хамсат, халдьы сылдьар гын

Нууччалыы Сместить кости в суставе, вывихнуть

  • Лиза халтарыйан охтон, илиитин таһаарбыт

6 туохтуур #

Үөс, киин сиртэн кытыы, тыа сиргэ илт, тириэрт

Нууччалыы Доставлять, перемещать кого-что-л. из центра на периферию, из крупного населенного пункта в меньший

  • Манчаарыны дойдутугар таһаарымаҥ диэн Чоочо суукка көрдөһүү киллэрэ олорбут. МНН. – Хата, Өлүөскээ, эн миигин эрэйдээбэккэ, оҕолорбун кытта сайылыкпар таһааран кулу.
    Далан
  • [Вера:] Ол, Арамаан, хантан кэргэн кэпсэппитий? [Кэтириис:] Куораттан таһааран иһэр үһү
    С. Ефремов

7 туохтуур #

Кими эмэ быстах кэмҥэ киирэ сылдьыбыт сириттэн ыыт, босхолоо

Нууччалыы Освободить, выпустить кого-л. (из тюрьмы), выписать (из больницы)

  • Биһигини сорохпутун хаайыыттан таһааран кэбистилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Икки хонон баран, санчаастан таһаарбыттара.
    Т. Сметанин
  • Туллайдаах ол сыттахтарына, "дьыалалара олох да суох эбит" диэн, түрмэттэн таһааран кээспиттэрэ
    Н. Павлов

8 туохтуур #

Тугу эмэ төрүттээ, саҕалаа

Нууччалыы Начинать, разжигать вражду, быть зачинщиком чего-л.; заводить; запевать. [Мэхээлэйэп:] Улаханнык сыыһан эрэр дьоҥҥут, хардарыта өстөһүүнү таһааран, холкуоһу үрэйэн эрэҕит

  • Охоноос, ырыата таһаар!
    Амма Аччыгыйа
  • Бу боппуруоһу хайдах эрэ көннөрүөххэ, кылаабынайа айдааны таһаарымыахха.
    Н. Лугинов
  • Түһүлгэҕэ оонньууну таһааран, Түүҥҥү чуумпуну чугдаардыахпыт!
    С. Васильев

9 туохтуур #

Туох эмэ саҥаны үөскэт, оҥор

Нууччалыы Произвести, устроить что-л. (напр., аварию), допустить, нанести (ущерб), составить что-л., проложить (напр., дорогу)

  • Оһолу таһаарбыт, Оҕону дэҥнээбит Буолбаккын дуо, нохоо!
    С. Данилов
  • Ол сиһи быһа солоон, суол таһаарбыт киһи...
    Амма Аччыгыйа
  • Бастаан утаа ыарырҕатан, Онтон улам "буһан-хатан", Буукубаттан тыл таһаарар Муудараһын аспытым.
    Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (1)
  • Урут тэнийэ сылдьыбыт, олохтоох суортары сүтэрэммит, олус да улахан ночооту таһаардыбыт
    П. Ефремов

10 туохтуур #

Киэҥ эйгэҕэ биллэр, бэчээттээ (кинигэни, хаһыаты)

Нууччалыы Издавать, выпускать (книгу, газету), опубликовывать. [Костя:] Толкуйдаан-толкуйдаан баран, ити туһунан халыҥ кинигэни суруйан таһаардаххына?

  • "Бойобуой листок" эрэдээктэрэ олоҕо суох матырыйаалы аны таһаарбатыгар эттилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Кинигэ кыһата фольклорга сыһыаннаах ырыалар, кэпсээннэр, таабырыннар хомуурунньуктарын таһаарда
    Кыым

11 туохтуур #

Олоххо киллэр, норуокка биллэр (уурааҕы, дьаһалы, о. д. а.)

Нууччалыы Обнародовать, издавать (указ, распоряжение, и т. п.)

  • Ыспыраанньык тойон ыйаах таһаарбыт.
    Амма Аччыгыйа
  • Оройуон кэмитиэтиттэн үчүгэй салалталаах суруксуту көрдүүргэ уураах таһаардылар.
    Күндэ
  • Улуустааҕы милииссийэ начаалынньыга -- Петяны тутар туһунан бирикээс таһаарбыт
    М. Доҕордуурап

12 туохтуур #

Ахсаан түмүгүн бул, суоттаа

Нууччалыы Находить решение, решать (напр., задачу)

  • Михаил Иванович дуоска таһыгар сис туттан туран суот таһаара олорор устудьуоннары эргиччи көрдө.
    Н. Лугинов
  • Кэллэ кэлээт киһибит ахсаан таһаарар идэлэммитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Оҕолоор, мин эһиэхэ хаастар тустарынан садаачата биэриим эрэ, ону эһиги таһаарыҥ!
    А. Неустроева

13 туохтуур #

Искиттэн дорҕоонно, саҥата иһиллэр гына саҥаран ыһыгын, быктар

Нууччалыы Издать, произвести (звук, слово)

  • Атын омук биир да тылын кыбытымына Уу сахалыы ыпсаран таһаараллар.
    С. Данилов
  • Киниэхэ сөптөөх тыл көстүбэккэ иэдэтэр, бэркэ иҥиэттэн-иҥиэттэн биирдиинэн ыган таһаарар.
    Н. Лугинов
  • Киһитэ буоллаҕына, биир тылы таһаарыах буолбатах, күлэн ыгыста турар
    В. Яковлев

14 туохтуур #

Ким эмэ үлэҕэ, уопсастыбаҕа ылар балаһыанньатын уларыт, дуоһунаһын үрдэт

Нууччалыы Повысить в должности, изменить чей-л. общественный статус

  • Өндөрөй оҕонньору кулаакка таһаарар буоллаххытына, мин санаабар, ити хараҥа баттал буолуох тустаах.
    П. Ойуунускай
  • [Маня:] Эн үчүгэй үлэһитинэн ааҕыллаҕын. Начаалынньык эйигин өссө үрдүк үлэҕэ таһаарар санаалаах, эйигин бэркэ диэн сөбүлүүр.
    С. Ефремов
  • Бырабылыанньа састаабыттан таһаардылар.
    А. Фёдоров
Өссө холобурдар (1)
  • Миигин үлэлээбэккин диэн холкуостан таһаардылар, ол сөп дуо?
    М. Доҕордуурап

15 туохтуур #

Хайдах эрэ туруктаммыккын (хол., сылайбыккын, ахтыбыккын, о. д. а.) таскар биллэр эбэтэр аһарын

Нууччалыы Проявлять каким-л. образом или подавлять, гасить в себе чувства, выйти из какого-л. состояния

  • Бырастыы гын. Кырдьык сыыһа гынным. Бэйэм настарыанньам куһаҕанын ити эһигинэн таһаарабын.
    Н. Лугинов
  • "Хайыыбытый, сылаабытын таһаара таарыйа, чэйдээн баран барыахха дуу?" – Фёдоров дьонун диэки хайыста.
    М. Доҕордуурап
  • Кинилэр бу киэһэ ахтылҕаннарын таһаардылар.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Ытаабытын таһааран, өрө сыҥсырыйан дириҥник тыынна
    Т. Сметанин

16 туохтуур #

харыс т. Өлбүт киһини көмп

Нууччалыы Хоронить. [Уйбаан оҕонньор:] Биһиги биир оҕолоохпутун таһааран олоробут, -- онон ол дууһатыгар кытары үҥэ сырыт

  • Ийэтин сарсын таһаараллар. "Таһаарыы" диэн көмүү. Тоҕо баҕас суоһай, дьулаанай?!
    Н. Босиков
  • [Айыына:] Эһэбин ханна таһаардыгыт? [Байыл:] Эбэҥ таһыгар сытыардыбыт
    ХС

17 этии #

Нууччалыы Находить в ком-чём-л. радость бытия, счастье

Этиилэр

Алдьархайтан ас таһаарар көр алдьархай

  • Эһиги, атыыһыттар, алдьархайтан ас таһаараары суудайаҥҥыт, аскытын-үөлгүтүн үс бүк сыанаҕа туруораҕыт.
    И. Никифоров

Ас таһаар көр ас III

  • Оҕобут ас таһаарар, хоноһо кэлээри гыммыт. буруо таһаар көр буруо. Кыстык угун саҕа туруорбах балаҕан оҥостон, бэйэтэ туспа буруо таһааран, ыал буолбута.
    А. Бэрияк

Күнү таһаар

кимтэн-туохтан эмэ олус дуоһуйууну ыл, онон дьоллон Күннэрбин таһаарар Күндүлүүр далбарыам, Күөх унаар хонууга Күүлэйдии барыахха.

  • Толя, төрүт да үлэнэн күнүн таһаарар киһи, үлэтигэр аҕыйахтык көстөр.
    Н. Босиков
  • Бастаан күммүн таһаарбыт, Чыычаах буолан тыкаарбыт, Бэйбэрийэ сүүрээччи – Сашам көрөөт билээччи.
    Д. Апросимов

Саҥа таһаар

өр саҥарбакка гынан баран оргууйдук, сэниэтэ суохтук саҥар, саҥаран кэл.

Заговорить, подать голос, еле выдавить из себя.

  • "Аҕабын сиэтилэр", – диэн нэһиилэ иһиттэн саҥа таһаарда.
    М. Доҕордуурап
  • Балачча өр барбахтаан иһэн кини тохтоон оргууй саҥа таһаарда.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • "Хайа, тукаам, тоҕо миэхэ наадыйдыҥ?" – оҕонньор кэмниэ-кэнэҕэс саҥа таһаарда.
    А. Кривошапкин

Сыл таһаар көр сыл

  • Буолуннаах икки ынаҕы, биир тиҥэһэни сыл таһааран, хара сиргэ үктэннэрбиттэр.
    Р. Кулаковскай

Таһыгар таһаарбат (быктарбат) көр тас II

  • Ийэтиттэн толлон ити санаатын таһыгар таһаарбатаҕа.
    С. Никифоров

Тыаста таһаар көр тыас

  • Мааҕын ол Дьуона тыл эрэ буоллун диэн тыас таһааран куолулаабыта эмиэ үөрэх суоҕуттан.
    Н. Лугинов
  • Хааска киирэн иһэн биир акаары чыккымай аайы тыаһы таһаарар диэн баар дуо?!
    Т. Сметанин

Тыынын таһаарар көр тыын

  • Кыымчаан сылтан ордук кэмҥэ ыар баттык гыммыт санаата чэпчиэр, тыынын таһаарыар диэри күүскэ ытаабыта.
    Ф. Софронов

Үрүҥэр (ырааһыгар) таһаар көр үрүҥ

  • Кини хоһоону үрүҥэр таһаарыар диэри элбэхтик, сыралаахтык үлэлиирин сүрдээҕин сөхпүтүм. С. Данилов

18 этии #

Нууччалыы Выделительные органы

Этиилэр

Таһаарар уорган

киһи-сүөһү аһаабыт аһа буһан баран организмтан тахсар сирэ Ланцетник таһаарар уорганнара тиэрбэстээх чиэрбэлэр киэннэрин курдук оҥоһуулаахтар.

  • ББЕ З. Үөннэр-көйүүрдэр таһаарар уорганнара биир систиэмэ буола ситимнэспэттэр. ББЕ
    З. Ср
  • др. -тюрк. ташхар ʻудалять, устранять; отправлять, провожатьʼ

«Т» буукуба