ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тобул

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы пробивать; прокалывать

English to cut or punch through, to pierce

Ис хоһооно · 7

1 туохтуур #

Нууччалыы пробивать; прокалывать

English to cut or punch through, to pierce

  • түннүгү тобул
    прорубить окноto cut through the window
  • хамсаны тобул
    проткнуть трубкуto pierce the tube

2 туохтуур #

Нууччалыы узнавать

English (mathematics, general) to solve, to find out

  • бу боппуруоһу бэйэҥ
    реши вопрос самresolve the issue yourself

3 туохтуур #

Тугу эмэ хаһан, дьөлөн үүттээ, курдары таһаар

Нууччалыы Прорубать, пробивать что-л., насквозь

  • Маһары оҕонньор уһуктаах тоһоҕо маһынан эһэ арҕаҕын үрдүн тобулбута.
    Н. Якутскай
  • Муустаах анньыынан алларан муҥнанан, Модьоҕолоох ойбону тобулан [муҥурун булларбат].
    С. Зверев
  • Силлиэ сэллээтин кытта сытар хаарбын тобулан таһырдьа таҕыстым
    И. Данилов

4 туохтуур #

Туох эмэ бүөлэммит хайаҕаһын сытыы тугунан эмэ ыраастаа

Нууччалыы Прочищать чем-л. острым засорившееся отверстие

5 туохтуур #

үрд. Дьон сылдьыбат сиринэн айаннаа

Нууччалыы Идти, ехать по непротоптанной дороге, непроезженному пути

  • Тоҕус томторҕолоох Тойон айан суолун Тобулар күммүт буолла!
    Суорун Омоллоон
  • Оттон уута суох суоппардар Тоҥ суоллары тобулаллар, Нарын бэйэлээх кыргыттар Табанан айанныыллар.
    С. Данилов
  • Туох улахан кыһалҕалаах буолан, ол сир [айаан] суолун тобуллаххытый?
    Н. Якутскай

6 туохтуур #

Толкуйдаан ырытан таһаар, сүбэтин бул (хол., ханнык эмэ быһаарыллыбатах боппуруоһу)

Нууччалыы Находить решение, разрешать, прояснять (напр., какой-л. вопрос, проблему),

  • Саныы сатаата да, Тугу оҥорон тутуллубутун Туура тобулбата.
    А. Софронов
  • "Тугу эмэ тобулуохпут", – Эһэ Харах боччумура тутунна.
    В. Протодьяконов
  • Балачча өр тугу да тобулбакка чуҥкуйда
    И. Данилов

7 этии #

Этиилэр

Оройун тобул көр орой II

  • Оҕо-уруу өттө Оройо тобулунна.
    П. Ойуунускай
  • Ср. др. -тюрк. топул ʻразрывать, прорывать, пробиватьʼ, уйг. топул ʻпроходить насквозьʼ, туркм. дөвүлмек ʻбыть поломанным, разбиватьсяʼ

«Т» буукуба