Перевод с якутского
орой
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы подозревать кого-л. в чём-л
English crown
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Сэрэйэ, уорбалыы санаа
Нууччалыы Подозревать кого-л. в чём-л
Сыыйа-сыппайа биллиэҕэ, тыыннаах киһи ханна да баран хаалыа суоҕа, мин хайдах эрэ ити дьахтар баҕайыны оройо саныыбын А. Сыромятникова
2 аат тыл #
Киһи төбөтүн саамай үөһээ өттө
Нууччалыы Темя, макушка
Чэчэгэйбин тэһиэх, Оройбун оҥуох, Күүспүн мөлтөтүөх Ким баар буолуой!
Өксөкүлээх ӨлөксөйТөбөтүн оройунан буулдьалар тойон ыҥырыа курдук дооҕунаан ааһаллар. Н. Якутскай Куриль хайыы-үйэ баттаҕа маҥхайбыт, оройугар тараҕайданан эрэр. С. Курилов (тылб.)
3 аат тыл #
Хайа, томтор саамай үрдүүр сирэ, чомчоҕойо
Нууччалыы Макушка, верхушка, вершина (горы, возвышенности)
Арыы оройугар тахсан баран, тохтоон туран күөлү көрдө. Амма Аччыгыйа Очуос хайа чочур таас Оройунуун куотуһар Куупаллардаах төрдүс этээс Төбөтүгэр күн тыгар Р. Баҕатаайыскай
4 этии #
Нууччалыы Озорник, сорванец
Этиилэр
Оройунан көрбүт көр көр
Необузданный шалун, буйный, носящийся сломя голову.
Оччолорго Үрэкииннээх уоллара Сүөдэкэ чороччу улаатан эрэр, оройунан көрбүт, оҕо бөҕөнү ытаппыт, мэник бэдик этэ. Болот Боотур Ыстыыктаах саалаах, оройунан көрбүт саха саллааттара, ааҥҥа кэлэн туора турунан кэбистилэр. П. Филиппов
Өссө холобурдар (3)
Оройун аһа толбонноммут - сааһыр; кырый. Стареть; состариться. Ойох-эр буолан, оройбут аһа толбоннонон, кэтэхпит аһа киргиллэнэн, уол оҕобут уһук тутан эрдэҕинэ... Кэннибититтэн сайыһыылаах дьон буолуохпут. ХС Төбөҥ оройунан түс - туох эмэ үлэҕэ (дьарыкка) атыҥҥа аралдьыйбакка ылсан үлэлээ. Окунуться с головой (в работу). Кыһыйан-абаран туран үөрэххэ төбөтүн оройунан түспүтэ.
Н. ЛугиновКини иискэ төбөтүн оройунан түспүтэ. Н. Заболоцкай
5 этии #
Нууччалыы Середина зимы (месяца, лета)
Кыһын оройо - кыһын (кыс, ый, сайын) ортото, саамай үгэнэ Кулун тутар ый оройо ... О, ааҕааччыам, соһуйума. Кулун тутар ый кубулҕата-дьибилгэтэ суох сирдэрэ элбэхтэр. Амма Аччыгыйа Ол иһин сайын оройугар өрөсүһэн, ырааҕы, чугаһы ыҥыртаан, улахан күүлэйи тэрийэн от бөҕөнү оҕустаран, мустаран ылааччылар. А. Сыромятникова Дьыл оройугар ыччат сүөһү барыта үчүгэй туруктаахтык иитиллэн турар. "Кыым". Халлаан оройо - халлаан саамай үөһээ өттө, ортото. Θ Небесная высь, зенит. Ханна да кыырпаҕа суох ыраас халлаан оройуттан күн уота күөх истиэп уорҕатын угуттуур. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Этиҥ халлаан оройугар эмискэ дэлби ыстанна. М. Доҕордуурап Бур. орой