ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыпчаал

аат тыл

Нууччалыы вершина горы или какой-л. возвышенности, верхушка, макушка дерева

English top, tip

1 аат тыл #

Үүнэн турар мас эбэтэр хайа, ханнык эмэ үрдэл саамай үрдүк чааһа, оройо

Нууччалыы Вершина горы или какой-л. возвышенности, верхушка, макушка дерева

  • Тииттэр саһарбыт чыпчаалларыгар киирэн эрэр күн сардаҥата оонньуурун көрө-көрө, долгуйа саныырым, туох күүтэр миигин итиннэ? Софр. Данилов. Биир тиит чыпчаалыгар туох эрэ көтөр хамсаабакка улугуран олорор.
    Н. Заболоцкай
  • Аарыма тиит кылаан чыпчаалыгар биир сүүнэ улахан суор, -- кинини көрөн олорбохтоон баран, -- өрө көтөн тахсан, балаҕаны үрдүнэн көтөн суксулдьуйа турда. БХ Иэ

2 аат тыл #

Туох эмэ (хол., норуот тылынан айымньытын) биитэр ханнык эмэ дьыала (хол., иистэнии, уһаныы) муҥутуур, кылаан сайдыыта, сатабыла

Нууччалыы Наивысшее развитие чего-л., расцвет (напр., устного народного творчества) верх профессионализма, мастерства в какой-л. деятельности, апогей

  • Сайдыы, тутуу былаанын Сылын аайы толортоон, Кыайыы кылаан чыпчаалын Ситиһиэҕиҥ, доҕоттоор! Эллэй. [Ийэм] киһини эргитэ сылдьан көрөөччү уонна сонно тута таҥаһы быспытынан барааччы. Дьиҥэ, ол идэни баһылааһын чыпчаала эбит. ЗАН А. Саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын куоҕайар чыпчаала олоҥхоҕо норуот сырдык ырата уонна инникигэ эрэлэ түмүллүбүт
    ХС

«Ч» буукуба