Перевод с якутского
үрүт
аат тыл
Нууччалыы верхняя часть, верх чего-л
English top
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Туох эмэ үөһэтэ, үөһээ ньуура
Нууччалыы Верхняя часть, верх чего-л
Өрүс үрдэ үрүмэтийэн Үүт мэндээр эргийдэ. Т. Сметанин Дьиэ үрдүттэн буор тохтон, Чиэрэгинэн саккырыыра. ХС Хотон үрдэ намыһах буоллаҕына сүөһү ордук мөлтөх туруктанар СыаКЫ
2 аат тыл #
Дьиэ ис өттүттэн үөһэ сабыыта
Нууччалыы Верхнее внутреннее покрытие помещения, потолок
Үрүппүтүн тугунан сабыы билигин проблема буолбатах. ырыынакка тиийиэххэ эрэ кэрэх. ДьХ. Былыр-былыргаттан үгэс буолбут ньыманан балаҕан буоллун, нуучча дьиэтэ буоллун, үрүтү өһүө үрдүгэр тэлгэтэ ууруу буолар. АЭ
3 этии #
Нууччалыы Скот его расплодился (букв.: кобылы его через кобыл пошли, коровы его через коров пошли)
Этиилэр
Сир үрдүн бааһырдан сылдьар
сири (буору) бааһырдан сылдьар диэн курдук (көр бааһырт).
Мин да киһи төһө өр сир үрдүн бааһырдан сылдьыахпын аны кэлэн сир-уот былдьастамый?
Н. Лугинов
Сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьар көр сүһүөх I
Убайа үксүн киниэхэ, сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьар киһиэхэ, эрэнэн арыт-ардыгар букатын ыһыктынан кэбиспит курдук, ыараханнык өйөнөн сыҕарыҥныыр. П. Аввакумов Эн билигин сүһүөҕүн үрдүгэр сылдьар, күүһүҥ-уоҕуҥ үрдэ буолбат дуо?!
М. Горькай
Сыарҕа үрдүттэн отун көр сыарҕа
Эрдэттэн маһы мастааһын, саһааннааһын, кэмигэр тиэйэн киллэрии диэн суох, бары сыарҕа үрдүттэн оттунан олороллор. ТСР. Сылгыта сылгы үрдүнэн барбыт, ынаҕа ынах үрдүнэн барбыт фольк. – сылгыта, ынаҕа дэлэйбит, үксээбит Үрдүгэр түс – 1) кими эмэ күүскэ мөҕөн-этэн, саҥаран-иҥэрэн бар.
Беспощадно ругать кого-л. за что-л., распекать, разносить кого-л. Уолум майгытыттан, сигилититтэн кэлэйэн олоробун.
Абабар ытыы-ытыыбын, ити оҕонньорум үрдүгэр түһэбин да, кини даа хайдах гыныай. А. Софронов Аада ити киниискэни булбута буоллар тута айдааран туруо этэ. Кэргэнин үрдүгэр түһүө, миигин үҥэн кыра куораты таарыппакка ыытыа этэ. В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (5)
Кини бу сырыыга Арбатскай үрдүгэр түспүтэ. В. Яковлев; 2) тугу эмэ түргэн үлүгэрдик харбаа, харбаан ыл. Быстро, стремительно набрасываться на что-л., хвататься за что-л. Килиэп үрдүгэр түстүлэр. Маска ууран аҥарын сүгэнэн хайа охсон ылан түҥэтиннилэр. Амма Аччыгыйа Өлөөнчүк үөрүүнэн саа үрдүгэр түстэ. Болот Боотур; 3) тугунан эмэ күүскэ үлүһүй, таттаран туран дьарыгыр. сильно увлекаться чем-л., тянуться к чему-л. Киэһэ аайы дискотека үрдүгэр түһэр. Аһаан бүттэ да кинигэ үрдүгэр түһэр. НАГ ЯРФС II. Үрдүгэр уот отун кэпс. – кими эмэ үчүгэйдик мөҕөн, кэһэтэн биэр. Сильно бранить, распекать кого-л., задавать перцу кому-л. (букв.: на нём огонь зажигать). Баччааҥҥа диэри сорудахтарын толоро иликпин. Кэлэннэр үрдүбэр уот оттоллоро буолуо. НАГ ЯРФС II. Үрдүгэр чохчойор (үҥкүүлүүр) курууб. – кими эмэ көҥүл талбытынан дьаһайар, атаҕастыыр-баттыыр. Беззастенчиво обижать, истязать кого-л. (букв.: на нем испражняется). [Күөх Көппө:] Бары мин үрдүбэр чохчойдохторой, миэхэ тойомсуйдахтарай.
Суорун ОмоллоонБили Толоон уола Хабырыыс сүөһү умсар баҕайыта ини. Ол аайы мин үрдүбэр чохчойоро биллибэт. ХС Норуоту көмүскээччилэр хаайыллаллар, оттон тойоттор, ырҕайбыт истээхтэр, көҥүл лоһордоһоллор, биһиги үрдүбүтүгэр үҥкүүлүүллэр. А. Федоров
Үрдүк өһүөлээхтэр
баайдар.
Богачи, богатеи (букв.: имеющие высокие потолочные балки).
Ороссолуода үрдүк өһүөлээхтэрэ буолан олорбуттара үһү. "Кыым". Үрдүктүк тутун кэпс. – атыттары сэнии көр, бэйэҕэр тэҥнээмэ, улаатымсый. Быть презрительно- надменным, высокомерным. Курааны кыайбыт эҥин дьоммут диэн үрдүктүк тутта сылдьаайаҕыт. М. Доҕордуурап Улаатымсыга сүрдээх, Киһиттэн барытыттан үрдүктүк тутта сатыыр. НАГ ЯРФС I I. Тэҥн
Өссө холобурдар (1)
улаханнык тутун.
Үрдүнэн ааһар (барар)
наар ким эмэ үрдүнэн буол, кинитэ суох буолума.
Обрушиваться на кого-л.
(напр., хлопоты, испытания).
Хас ыалдьыт, хоноһо
барыта мин үрдүбүнэн ааһар.
Урут мунньах наар Акулина Евстафьевналаах үрдүлэринэн ааһара. Софр. Данилов. Нэһилиэккэ ыытыллар хас тэрээһин, тойоттору көрсүү, атаарыы барыта мин үрдүбүнэн барара. ХС
Үрдүнэн көтөр
туохтан эмэ кыһыйбыккын-абарбыккын киминэн эмэ таһаар.
Выместить свою обиду, злобу на ком-л.
Сүрэххэ-быарга мунньуллубут абаны-сатаны ханна тарҕатыаҕы билбэт буолбут дьон эмиэ кини үрдүнэн көтөллөр. Эрилик Эристиин Ол Кыталыктаах таҥаратын дьиэтигэр олорор ороспуонньуктар түбэһэн эн үрдүгүнэн көтөөйөллөр? ХС
Өссө холобурдар (1)
Үрдүнэн күөх оту тэлгэтэн баран, түгэҕинэн үөдэни дьөлө хаспыт – сирэй көрбөх, ис дьиҥин кистии сылдьар. Лицемер, таящий себе злой умысел (букв.: сверху настлавши зеленой травы, под низом бездну прорыл). Үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы, аннынан сур күүдээҕи аһарбат – бэргэнник ытар, тугу да аһарбат. Стрелять без промаха. Үрдүбүтүнэн үрүҥ чыычааҕы өрө көтүппэтэрбит, анныбытынан уһуктаах тумустаах сур күүдээҕи даҕаны аһарбатарбыт ханнык этэ диэн ытар дьон буолуохтаахтар. Н. Заболоцкай
Үрдүттэн саба быраҕан
ис дьиҥин билбэккэ, күдээринэ.
Не вникая в суть дела.
Сүбүрүнүтүөтү дьон үксэ, иһин-таһын ырыҥалаабакка, үрдүттэн саба быраҕан, байылыат олбохтоох, көтүтэр кынаттаах көҥүл-босхо олоххо холуу саныыр. ХС
Үрдүттэн түһүмэ
кимтэн эмэ арахсан биэрбэккэ бул, салгыт, хал оҥор.
Ити
буоллаҕына мин эһиги үрдүгүтүттэн, үүрэ иликкитинэ, сэттэтэ түһүөм. В. Яковлев Сыҥааҕа тахсыаҕыттан, тос мааскатын ылыаҕыттан ыла Чиэппэрдээх Дьэллиги үрдүттэн түспэккэ, үрүт үрдүгэр соруйарын тосту уураппыта. ХС
Үрдэ суох
туох да былаана, бэрээдэгэ суох, аҥар кырыытыттан (хол., тугу эмэ суох оҥор, кыдый).
Беспорядочно, без разбора (напр., истреблять, уничтожать).
Ол билигин да хатыҥы, талаҕы үрдэ суох кэрдии туох аанньалаах үһү. П. Аввакумов Саас куһу-хааһы, көтөрү туох да үрдэ суох кыдыйыы көтөр-сүүрэр эстэригэр тиэрдиэ. Булчуттарга к.
Үрдэ суох хаһааҕа (баһаарга) киирбит
күрүөтэ (күлүүһэ) суох окко (үпкэ) киирбит диэн курдук (көр күрүө).
Үрдэ суох хаһааҕа киирбит, таптаабытынан хоро таһар итинник ымсыы, иҥсэлээх дьон кытаанахтык сэмэлэниэх тустаахтар. "Кыым". Били дьахтар иҥсэтэ батарымына, киһи тахса сылдьыан тулуйумуна, оҕуһун кимиэхэ эрэ өлөртөрө охсон, үрдэ суох баһаарга киллэрэн чалбааттатара буолуо. "Кэскил".
Үрдэ үүс бэргэһэ, анна адьыр уу
көстөр дьүһүнэ мааны эрээри, иһэ (быһыыта-майгыта) түктэри куһаҕан, сидьиҥ.
Сверху – рысья, снизу – грязная вода (о красивых и хорошо одетых женщинах с плохой нравственностью).
– Киэбир, чолоҥноо, эн да үрдүҥ үүс бэргэһэ, анныҥ адьыр уу ини, – Бүөтүр Уйбаанабыс, хойохтоох санаата хойдон, харыс үрдээбиккэ дылы буолбут. "Кэскил"
4 этии #
Нууччалыы Потолок. Попов дьиэтин үрдүн одууласта. Амма Аччыгыйа. Дьиэ үрдүн хаптаһынын быыһынан халлаан ыйдаҥаран көстөр. Эрилик Эристиин. Үрүт-үөһэ (үрүт-үрдүгэр) – биири, этиллибити хос-хос (хатылаа, лэбэйдээ). Надоедливо, многократно (повторять одно и то же). Чээбий үрүт үөһэ мээрилии турбут. Күннүк Уурастыырап. Бу курдук Ыстапаан Бэдэһиэйэп... үрүт үөһэ саҥаран ыгыллан барда. Бэс Дьарааһын. Төрөппүттэр оҕоттон арахсыбакка хас күн аайы биири үрүт үрдүгэр этиэ суохтаахтар. Дь. к. Үүт үрдэ – ыаммытынан үүт сөрүүн сиргэ (хол., омуһахха) хоммутун кэннэ үрдүгэр холбуллар гына мунньуллубут сүөгэйэ, чөчөгөйө. Густой жирный верхний отстой молока, сливки. Онтон Үс хонон баран, Үүтүн үрдүн холбуйда. Саха фольк. Көрүүй ийээ, билигин даҕаны Кыынньар кымыһын уохтааҕын сөхтүм, Үрүҥ илгэни түстээри аны Үүтүҥ үрүтэ элбэҕин көрдүм. И. Егоров
Этиилэр
Дьиэ үрдэ
дьиэ үрүт сабыыта