Перевод с якутского
мындаа
аат тыл
Нууччалыы вершина
English peak, summit, top
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
, үрд
Сотору сис мындаата бүтэн, таҥнары астарыы кэллэ. Болот Боотур Майдахаар кэтит мындаатын харыс холобурдаах хаар саппыта. Эрилик Эристиин Ыраах күөх хайа арҕаһа туналыйар, ол хайа мындаата сибэккигэ сууланар. МЫ
2 аат тыл #
Туох эмэ саамай үрдэ, арҕаһа
Нууччалыы Самая возвышенная, высокая часть чего-л
3 аат тыл #
Сылгыга сиһиттэн кутуругун төрдүгэр диэри кэтириир өттө
Нууччалыы Задняя часть туловища лошади от спины до хвоста, круп. [Кулун Куллустуур] Чучугур чуоҕур ат сылгыны Тутан ылан Үөмэн тиийэн Үрдүк мындаатыгар олоро түстэ
ТТИГ КХКК. Саха киһитэ барахсан атын үрдүк мындаатын өрө дабайан, миинэн кэбиһэн баран, сиэллэрэн дьигиһитэн, айаннатан астаран барар. ХС Бу эмиэ доҕорум - сылгы. Кини миигин бэркэ биэбэйдээн мындаатыгар таһар. С. Тургенев (тылб.)
4 этии #
Этиилэр
Былыргы дьыл мындаатыгар көр дьыл
Былыргы дьылбыт мындаатыгар Дьол тааһын сойуоласпыт Чурумчуку баар сурахтааҕа. Эллэй. Олоҥхо үксэ былыргы дьыллар быралыйар быдан мындааларыттан, үс саха үөскүөн инниттэн саҕаланааччы. Эрчимэн
5 этии #
Нууччалыы Люди, пользующиеся большой известностью, популярностью, высокопоставленные
Үрдүк мындаалаахтар үрд. - аатырбыт, сураҕырбыт, киэҥник биллэр дьон Мин уһулуччу биллиилээх суруйааччылары көрөр дьолломмутум. Онно кырдьык бары үрдүк мындаалаахтар бааллара. В. Протодьяконов Киһи чаҕыйа көрөр үрдүк мындаалаахтара эмиэ, мин курдук, уордьан ыла кэлбиттэр. ХС Ср. монг. мундаа ‘холка лошади', башк. мунда 'холка (часть шеи животных)’