Перевод с якутского
ос
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы зажить, заживать, затянуться, гранулироваться
English (medicine) to heal
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Үтүөр, тириинэн бүрүлүн (баас туһунан этэргэ)
Нууччалыы Зажить, заживать, затянуться, гранулироваться (о ране)
Кыранаата оскуолкалара көхсүн тырыта сүүрбүтэ чэрдийэ оспуттара ала бэлиэтик килэрийэн көһүннэ. М. Доҕордуурап Тимиртэн баас ылыаҥ - Түргэнник оһуоҕа, Оттон тылтан бааһырыаҥ - Үйэҥ тухары сордуоҕа ХС
2 туохтуур #
Отунан-маһынан саба үүнэн, соччо биллибэт буол (суол, ыллык о. д. а. тустарынан)
Нууччалыы Зарастать, прорастать чем-л. (травой - о яме, тропинке, трещинках в скале)
Икки ыҥыыр аттаах киһи былыр үйэҕэ оспут ыллык суол омоонунан өтөххө хаамтаран дьалкытан киирдилэр. Л. Попов Оһон хаалбыт суол омоонун сыыһа-халты үктээн, эрэй бөҕөнү көрдө
Г. Колесов
3 этии #
Этиилэр
Оспот баас көр баас II
Ол сыл элбэх оспот бааһы хаалларбыт сүрэх аайы. И. Гоголев Ср. телеут. ос ‘увянуть’
4 аат тыл #
Этэрбэс, саппыкы, хаатыҥка сотото
Нууччалыы Голенище
Ити улахан ытыҥ, көр, этэрбэһим оһун тобулу ыстаан кэбиспит эбит ээ. Күннүк Уурастыырап Оҕонньор этэрбэһин оһуттан хамсатын хостообута, табах ууруммута И. Федосеев
5 аат тыл #
түөлбэ. Этэрбэс сототун иннинэн үс-түөрт тарбах кэриҥэ кэтиттээх киэргэл киллэһик
Нууччалыы Украшение-вкладыш в передней стороне голенища шириной в три-четыре пальца
Тоһоҕос дьэһэ иҥэһэтигэр Ойуулардаах билэлээх Осторуктаах саарылаах Уллуҥахтаах сототун Олуйа тэбэн тирэммит. С. Зверев Ср. алт. коч, туркм. гонч ‘голенище’