Перевод с якутского
ыстан
туохтуур
Нууччалыы сделать прыжок, прыгнуть
English to jump
Ис хоһооно · 8
1 туохтуур #
Атаххынан күүскэ тирэнэн, онтон анньынан, ыраах хайа эмэ диэки ой
Нууччалыы Сделать прыжок, прыгнуть
Дьахталлар тыыннаах балыктар мөхсөн түллэҥнэспиттэригэр, сарылаһа-сарылаһа туора ыстаннылар.
Н. ЛугиновБиэтэҥнэс лабааҕа олорор тииҥ мастан маска ыстанан, ыраата охсорго тиэтэйдэ. БХ Иэ. Бэдэр биир ойуунан икки-икки аҥаар миэтэрэни ыстанар СМС
2 туохтуур #
Туох эмэ үрдүттэн, үөһэттэн ыһыктынан аллара ой
Нууччалыы Прыгнуть сверху вниз, спрыгнуть
Күһүҥҥү тымныыга эмпэрэ кытылтан өрүскэ ыстанна. Амма Аччыгыйа Уол ыскаап үрдүттэн ыстанан түстэ, чаһытын көрдө. Күрүлгэн. Сөмөлүөттэн парашютунан элбэхтик ыстаммытым ХС Уһулу ыстан. Хайа ыстан.
Өссө холобурдар (2)
Суорба таас хайа төбөлөрө булгурута ыстанан түһэллэр.
Суорун ОмоллоонСитим дьирдьигинии түһэн баран "таас" гына быһа ыстанан, дьэллэс гынан тэлгэнэ түһэр Чолбон
3 туохтуур #
ан эмэ тэйэн, көтөн тиийэн ханна эмэ түс, ой (чэпчэки ыйааһыннаах тугу эмэ этэргэ)
Нууччалыы Отскочить, отлететь от толчка в сторону, вскочить, вспрыгнуть (о чём-л. лёгком по весу)
Суол ааныгар кыым ыстанара – Ким эрэ кэлиэн билгэлэрэ. М. Тимофеев Эрийэ турбут гаайкам сиргэ түһэн, хайа эрэ диэки ыстанна. АПС СБТЛ. Оһохтон тэйиччи олор, таҥаскар чох ыстаныа Чолбон
4 туохтуур #
Ыксалынан ханна эмэ тэбин, сүүр, элээр
Нууччалыы Побежать, понестись, помчаться (в крайней спешке)
Манчаары уолчаан бэс мастан тииҥ курдук хачыгырайан түһэ охсоот, дьиэтин диэки ыстанна. И. Гоголев "Сип-сибилигин", – диэт Ыгытов таһырдьа ыстанар. Н. Якутскай Өлөксөй түспүт ыалыгар чэйдии түһээт, оҕо сааһын доҕоругар ыстаммыта В. Титов
5 туохтуур #
көмө туохт. суолт. -ы, -а сыһыат туохтууру кытта дьүөрэлэһэн, хайааһын эмискэ, соһуччу буоларын бэлиэтиир
Нууччалыы В сочетании с деепричастиями на -ы, -а, выступая в роли вспомогательного глагола означает внезапность действия
6 этии #
Этиилэр
Кута ыстаммыт көр кут II
[Лоокуут:] Куйахам күүрдэ, кутум ыстанна!
Суорун ОмоллоонОйуун абааһыта бу дьону тутан сиэтэлиирэ буолуо диэн куттанан, сахалар куттара ыстаммыт. ХС
Өссө холобурдар (1)
Сахаларга кута ыстаммыт, сүрэ тостубут, сүрүн баттатар диэн өйдөбүллэр бааллар. "Сахаада".
Сүргэтэ ыстаммыт (хамсаабыт) көр сүргэ
Маннык сүрдээх, кэптээх быһыыттан Маһарах сүргэтэ ыстаммыт, кэлбит суолун устун төттөрү дойдутун диэки көтүтэ турда. "Чолбон".
Уйулҕата көппүт (ыстаммыт, хамнаабыт) көр көт I
Молтой сарсыарда халлаан суһуктуйуута Моойторук улуйа былаастаан үрэр саҥатыттан уйулҕата ыстанан уһуктубута. И. Федосеев Кыра оҕо барахсан, уйулҕата ыстанан, утуйа сытан түлэкэдийэн, хаһыытаабытынан ыстанан турар. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Абааһыттан куттанан уйулҕалара хамсаан, Наахаралар оҕолорун, дьахталларын хаалларбыт сирдэригэр тиийдилэр. "Чолбон".
Уот ыстанарын (ыстаммытын) курдук көр уот II
Дьэбдьиэскэ олус омуннаах, уот ыстанарын курдук, үөҕэн да ыыттаҕына көҥүлэ. Амма Аччыгыйа Мария Александровна Ноойдуун холбоспутун усталаах туоратыгар уот ыстаммытын курдук биирдэ оҕоломмута. Д. Очинскай
Өссө холобурдар (1)
Толкуйдаабакка эрэ уот ыстаммытын курдук үүрэр-түрүйэр дьаһал төһөҕө да сүүрүҥүй буоларын Софья Кирилловна бэркэ билэр. "Кыым"
7 этии #
Этиилэр
Дэлби бар (ыстан) көр дэлби
Эһэ бастаан сааны сэрэнэн-сэрэнэн сыллаан көрдө, дэлби ыстанан тыаһыа диэбиттии туттар. Р. Кулаковскай
Дьөлө ыстан көр дьөлө
Маска буулдьа түспүт сирэ дьөлө ыстанна. тэһитэ (тэһэ) бар (ыстан) көр тэһэ. Аһаҕастык, улаханнык күлэн тоҕо барбытыгар: "Бу киһибит туох буолан соҕотоҕун тэһитэ ыстана олорор?" – дэспиттэрэ. В. Яковлев
Уһуну ыстан (ыстаныы) көр уһун II
Бүгүҥҥү дьарыкка оҕолор уһуну ыстаннылар.
Үлтү бар (ыстан) көр үлтү
Таһырдьа эмискэ этиҥ сааллар тыаһа үлтү ыстанна. Күрүлгэн.
Хабырыта ыстан көр хабырыта
Халлаан диэки хабыр тыас хабырыта ыстанна. "ХС"
8 #
ыстаа 1 диэнтэн атын. туһ. Бэлэм ыстаммыты ыйыстан бараммыт, өссө ыыс-бурут тыллаахпыт. Тумарча