ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

үлтү

частица, сыһыат

Нууччалыы означает интенсивность действия

English placed before a verb to intensify it

Ис хоһооно · 4

1 частица #

Нууччалыы означает интенсивность действия

English Placed before a verb to intensify it

  • үлтү түһэр
    разбить вдребезгиto smash to pieces
  • үлтү кырбаа
    жестоко побитьto beat severely

2 #

Олус күүскэ, наһаа, дэлби (хайааһын күүһүн, эрчимин көрдөрөр)

Нууччалыы Очень сильно, чрезмерно (усиливает знач. гл., обозначает высшую степень, силу совершения действия)

  • Харытыана эрэйдээх сүрэҕэ нүөлүйбэхтээтэ, бэркэ абаланна, сарылыы-сарылыы сэптэрин-сэбиргэллэрин үлтү сынньыан баҕарталаата.
    П. Ойуунускай
  • [Ньукулай] тутан турар бытыылкатын сиргэ үлтү быраҕан баран, тахсар.
    А. Софронов
  • Онтон миэхэ туох да тылы этиппэккэ үлтү таһыйан барда.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (3)
  • Өрүүскэ үлтү кыыһырбыт, кэлэн дьиэ ойоҕоһугар кыраабылын талыр гына быраҕар.
    Күндэ
  • Өттүк баттанан туран үлтү күргүйдээбит.
    П. Тобуруокап
  • "Тугу-тугу лахсыйар дьахтарый!" - диэн, үлтү мөҕөн, түһүлгэттэн үүрэн таһаарбыттар
    С. Зверев

3 этии #

Нууччалыы Уничтожить, разгромить (напр. врага)

  • Үлтү түһэ сыста - өттүгүн эрэ үлтү (тосту) түспэтэ диэн курдук (көр өттүк). Аттаах киһи үөрүүтүттэн үлтү эрэ түспэтэх.
    Н. Заболоцкай
  • Үөрэн үлтү түһэ сыста. Софр. Данилов. Атыыһыт уол аҕалбыт түүлээҕин көрөөт, үөрүүтүттэн өттүгүн үлтү түһэ сыспыт.
    ХС
  • Үлтү сыс - урусхаллаа, суох оҥор (хол. өстөөҕү) Поэт Валерий Чиреев "Өстөөҕү үлтү сынньыахха" диэн кыра поэманы бэчээттэппитэ. Софр. Данилов. Хааннаах бандьыыт аймаҕын Үлтү сынньан эспиппит.
    А. Бэрияк
Өссө холобурдар (2)
  • Псков уонна Нарва аттыгар ньиэмэс талабырдьыттарын олорчу үлчү сынньыбыттара. ЯЕМ СБСБС. Үлтү тэбис - урусхаллаа, төрдүттэн суох гын, имири эс. Θ Уничтожить, растоптать полностью, окончательно. Үс күлэр ньүкэни Үс үйэ тухары Үллүбэт гына Үлтү тэпсиэхтэрэ, Ийэ уустары Имири быһыахтара.
    П. Ойуунускай
  • Бүөбэйдээбит көмүс чыычаахтаргыт Бүтүн Европаны эргийбиттэрэ, Арҕаа фашист адьырҕаны Арҕаҕар үлтү тэпсибиттэрэ. С. Васильев

4 этии #

Нууччалыы Расколоться на мелкие части, развиться вздребезги

  • Үлтү бар (ыстан) - 1) үлтүрүй, хампырый, бытарый Баҕар, сарсын сир шара үлтү барыа. И Гоголев. Улахан хаппыт буорунан аты быраҕан кыыһыннарда, буор ат кулгааҕар түһэн үлтү ыстанна.
    М. Доҕордуурап
  • Сулус үлтү ыстанар Суостаах тымныыта, Тыын быстар, санаа сарбыллар Чымаан тымныыта Таҥнары сатыылаата. Доҕордоһуу т. Таастара үлтү баран хаалар. МАБ ЧУу; 2) Эмискэ олус улаханнык тыаһаа. Θ Загреметь, загрохотать. Үс этиҥ тыаһын холбуу туппут курдук тыас үлтү ыстанан барда.
    П. Ойуунускай
  • Ол турдаҕына сүрдээх улахан тыас тыаһа үлтү ыстанна да, дьиэ ортотугар муус булгунньах саҕа уот кэлэн дууллас гына олоро түстэ. Ньургун Боотур. Үлтү көт (көтүт) - үлтү кумалаан алдьатар, өлөрөр-өһөрөр курдук солоон аас (хол., туох эмэ улахан күүс эмискэ кэлэн саалларыттан). Θ Двигаясь с большой силой, разрушать, сметать, убивать на своем пути. Оноҕос тиийэн [куоҕас] иэччҕин уҥуоҕун үлтү көттө. Саха ост. I. [Уу быһыты] Үтүрүйэн көрүтэлиир Үлтү көтүөн баҕаран Төттөрү тэйэн бирилиир Кыаҕын баһыйтаран.
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (7)
  • [Суоппар] суолга биэс бөрөҕө түбэспититтэн, иккитин массыынаннан үлтү көтүттэ. "Кыым". Үлтү түс - 1) Үөһэттэн түһэн үлтүрүйэр, хампырыйар курдук алдьан. Θ Упав с высоты, разбиться вздребезги. Муннугар хатаабыт ачыкыҥ мүччү ыстанан чэрэниилэ иһитигэр үлтү түспэт эбээт!
    Амма Аччыгыйа
  • Иһит тыаһа лыҥкынаата. Биир ыстакаан төкүнүйэн муостаҕа үлтү түстэ.
    Н. Лугинов
  • Бодунуоһуттан курустаал бакаал муостаҕа үлтү түһэр. Н. Якутскай; 2) Улаханнык эчэйэр эбэтэр өлөр курдук үрдүктэн оҕун. Θ Развиться насмерть или получить большие увечья при падении с высоты. Уол үлтү түһүөҕүн баҕаран Үөһэттэн дьурулуур аллара.
    И. Гоголев
  • "[Луха] адьас үлтү түспүт быһыылаах", - Ананий харбыт курдук быһыттаҕастык эттэ. М Доҕордуурап. [Сүөкүлэ:] (ытыыр, олорор) Кииригиэм, доҕоруом, бу төрөөбүт-үөскээбит хайаҕар кэлэн үлтү түһэн өлбүтүҥ тугун кыһыытай-абатай...
    С. Ефремов
  • Өксөкү таҥнары кулахычыйан, үлтү түһэн эрэр.
    И. Федосеев
  • Үлтү тэптэр - дэлби тэптэр диэн курдук (көр дэлби). Арай бассабыыктар куораты үлтү тэптэрэн кэбиспиттэр.
    Амма Аччыгыйа
  • [Миша:] Кыаттардаххытына бэриммэккэ, балаҕаҥҥытын кытта барытын үлтү тэптэрээри, буораххытын сэпкитин чөмөхтүү куппуккут. Л. Габышев

«Ү» буукуба