Перевод с якутского
куһуй
туохтуур, сыһыат
Нууччалыы издавать свистящие звуки, свистеть
1 туохтуур #
Иһиирэрдиҥи тыастары таһаар (хол., тыал туһунан)
Нууччалыы Издавать свистящие звуки, свистеть (напр., о сильном ветре)
Хотуттан, Котуй өрүс тардыытыттан, күннэтэ аайы тымныы тыал үрэн куһуйар Н. Якутскай
2 туохтуур #
Кымньыынан, талаҕынан элбэхтик уонна түргэнник охсуолаа, таһый
Нууччалыы Бить кнутом или прутом многократно и стремительно
Разведчиктар иннилэригэр киирэн баран, Бурхалей чупчуруйан биэрэн "орловскайы" үрүт-үрдүгэр өттүккэ куһуйан кэбистэ Эрилик Эристиин
3 сыһыат #
кытта. Хайааһын түргэнник уонна эрчимнээхтик оҥоһулларын көрдөрөр (хол., саанан ытарга, от охсорго)
Нууччалыы Указывает на быстроту и интенсивность действия (напр., при стрельбе, косьбе и т. д.)
Микиитэ охсон куһуйбутунан барда. Амма Аччыгыйа Кириһээн ааны хатыы охсон баран, кэлэн иһээччилэри түннүгүнэн ытыалаан куһуйбутунан барда Д. Таас