ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыскый

туохтуур

Нууччалыы свистеть, лютовать

туохтуур

Уордаахтык, сытыытык иһиир, тымныынан сабыта биэр (күүстээх тыалы, чысхааны этэргэ)

Нууччалыы Свистеть, лютовать (о вьюге)

  • часкый диэн курдук. Сибиинньэм оҕото бокуойа суох чыскый да чыскый буолла.
    И. Сосин
  • Чиэнэ, ыарыытыттан чыскыйа түһээт, тойон илиитин төлө садьыйда.
    И. Данилов
  • Эһэтин оҕото чыскыйара тохтуох курдук буоллаҕына, илгиэлээн ытатан биэрэр. М. Чооруоһап
Өссө холобурдар (4)
  • Ахсынньы аам-даам тымныыта, Аргыйан-чыскыйан түһэҥҥин Аата, тоҕо сүрдээххиний?
    С. Васильев
  • Киэҥ Лена чыскыйар чысхаана Түөстэргэр төлөнү түһээртэ, Хотугу дойдубут кыс хаара Сүрэххэр сырдыгы киллээртэ.
    Л. Попов
  • Адаардаах хадаардар арҕастарынан тыал кыйыдыйан, чыскыйан ааһара.
    Н. Абыйчанин
  • Тэҥн. часкый

«Ч» буукуба