ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиирэ

Нууччалыы так, чтобы растянулось, расширилось (напр

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Тириини сүлэн баран киэпкэ тиирэ тардан хатарыллар
    ДьСИи

2 #

Киэптиир, тэнитэр, кэҥэтэр курдук (хол., тириини хатар)

Нууччалыы Так, чтобы растянулось, расширилось (напр., выделывать кожу)

3 #

Тугу эмэ бүтүннүү, тилэри бүрүйэр, бүөлүүр, сабар, хаххалыыр гына

Нууччалыы Так, чтобы полностью накрыло большое пространство (натянуть, растянуть что-л.)

  • Соҕуруу диэки көрдөххө, үтүө дойду урсуна, көнньүөс торҕону тиирэ тарпыт курдук, күөх унаар буолан күдэриктэнэн түһэн бара турар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Илинтэн арҕаа Сибииргэ тиирэ тэлгэнэ сытар -- Күөх муора көбүөр.
    П. Тобуруокап
  • Лүҥкүр былыт халлааны тиирэ бүрүйэн турар
    Н. Якутскай

4 этии #

Нууччалыы Натянуть на себя очень тесную одежду

  • Тиирэ кэт - кыараҕас, кыра таҥаһы тобус-толорутук киэптии, тилэри кэт Бирээскилээх быалардаах этэрбэсчээн таҥаһын Тиирэ кэтэн кэбиспит.
    С. Зверев
  • Маайкатын тиирэ кэтэн, Олорор киһи буулаҕата, Үскэл бэйэтэ киппэллэн.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Отчутов -- киитэлин тиирэ кэтэн баран, бары тимэхтэрин тимэхтэммитэ. "ХС"

«Т» буукуба