ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

намтат

Нууччалыы понижать, уменьшать

1 #

намтаа диэнтэн дьаһ. туһ. Сыананы намтат. [Бурдук үүммэт буоллаҕына] бааһынай -- сирин аанньа ахтыбакка, кичэйэн оҥорбокко, үүнүүтүн өссө намтатар. "Кыым"

2 #

Куоласкын сонот эбэтэр муусукаҥ туонун, дорҕоонун аллара түһэр

Нууччалыы Понижать, уменьшать (о тоне, звуке)

  • "Наадаҥ тугуй?" – оҕонньор куолаһын намтатыаҕынан намтатта.
    Болот Боотур
  • Хомусчут Соппуон уонна Л. Н. Турнин оонньуулларын иһиттэххэ, кырдьык, үс хомуска оонньуур курдук хос тыастардаахтар, истэргэ дорҕооно ордук кэрэтийэр, төһө наадыйалларынан көҥүл үрдэтэн, намтатан оонньууллар этэ
    ЧАИ СБМИ

3 #

Кими, тугу эмэ холуннар, баһааҕырт, түһэр

Нууччалыы Унижать, принижать кого-что-л

  • Куһаҕан киһи биир сүрүн бэлиэтэ бэйэтин аргыстарын, кыттыгастарын холуннара, намтата сатыы сылдьаахтыыр үгэстээх.
    Амма Аччыгыйа
  • Салайааччы эрээри, солуута да суох дьыалаҕа киһини намтатарын, сиилиирин кэрэйбэт буолар эбит. Тумарча. Марк Маркович, кыыһырыма, миигин таба өйдөө. Мин эн үлэҕин-хамнаскын кыратык да намтата сатаабаппын. "Чолбон". Ср. тув. намдадыр ‘утихомирить’

«Н» буукуба