Перевод с якутского
аҕыйаа
туохтуур
Нууччалыы уменьшать; убывать
English to decrease, to dwindle, to lessen
1 туохтуур #
Нууччалыы уменьшать; убывать
English to decrease, to dwindle, to lessen
уу аҕыйаата воды стало малоthe water became scarce
2 туохтуур #
Аччаан, уостан, куйатыйан ис (туох эрэ ахсаанын, маассатын туһунан)
Нууччалыы Становиться меньше, уменьшаться (в количестве, массе)
Бүгүн таһырдьа сылыйан, тумана аҕыйаан, кэм арыый дьэҥкэрдэ.
Н. ЛугиновСоҕуруу суол аһыллан биэрбэтэ, хоту, илин, арҕаа да суолларынан сылдьар сөмөлүөттэр аҕыйаан бардылар. Амма Аччыгыйа [Маабыра:] Бурдукпут аҕыйаан эрэр, бу үлэ күннэригэр сиэн баран уурайыахпыт А. Софронов
Өссө холобурдар (2)
Дьадайан, симэлийэн, бүтэн-оһон ис (хол., баай-дуол туһунан). Θ Беднеть, истощаться, оскудевать (напр., о богатстве). Көстөр көмүллүбэт үбэ - Аҥаардас ынах сүөһүтэ, Эрэспиэскэҕэ эриллэн, Нолуокка тутуллан Адьас аҕыйаабыта. А. Софронов Иккис кууруска сылдьан Люба суруктара улам аҕыйаан, ис хоһоонноро сойдор-сойон, тиһэҕэр олох мэлийбиттэрэ
Н. Лугинов
3 туохтуур #
Күүскүн, кыаххын сүтэрэн, улам мөлтөөн ис
Нууччалыы Терять силы, постепенно ослабевать
Титирээтэҕим аайы чэпчээн иһэбин, өйүм-санаам умуллан эрэр, уот курдук күлүм гына-гына, аҕыйаан, аччаан иһэр.
П. ОйуунускайИккиэйэх оронтон үөһээтэ түбэспит. Мин буоллахпына, бэйэбинээҕэр үрдүк ороҥҥо ойон тахсыахтааҕар, сиринэн да хаамар кыаҕым аҕыйаан сылдьар кэмим Амма Аччыгыйа